Элбэх оҕолоох ыал дастабырыанньата хаһан уларытылларый?

Share

Дьааҥы улууһун дьаһалтатын социальнай көмүскэл управлениетын начаалынньыга Владимир Слепцов социальнай хантараак, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр дастабырыанньаларын уларытыы туһунан кэпсээтэ.

Хаартыска: "Вести Верхоянья".

— 2023 сыллаахха Дьааҥы улууһугар 121 киһи социальнай хантараагы түһэрсибитэ. Ол иһигэр: кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга — 35, бэйэ дьыалатын арынарга — 10, бастайааннай үлэ буларга — 3 киһи. 73 дьиэ кэргэн социальнай хантараагы ыарахан балаһыанньаттан тахсарга ылан, туһаммыта.

Судаарыстыба социальнай хантараак чэрчитинэн, кыаммат дьиэ кэргэттэргэ, эбэтэр, соҕотох олорор дьоҥҥо көмө оҥорор. Бу харчыны кинилэр ылан туттан эрэ кэбиһиэ суохтаахтар, үлэлэтэн, кэҥэтэн, дьарыктаах, дохуоттаах буолалларыгар олук ууруохтаахтар.

Социальнай хантараак дуогабар быһыытынан бэриллэр, онон эппиэтинэстээҕин эмиэ өйдүөххэ наада. Холобур, социальнай хантараак усулуобуйатын толорботоххо, харчыны төнүннэриэххэ наада. Бу киһи төнүннэрбэт түгэнигэр, суутунан ирдээн ылаллар уонна инникитин судаарыстыба көмөтө бэриллибэт буолар.

— Бэрэсидьиэн Владимир Путин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньатын биир көрүҥнээх оҥорорго сорудахтаабыта. Урут ылбыт дастабырыанньаларын саҥаҕа хаһан уларыталларый?

— Бу сорудаҕы толорорго Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл муус устар 26 күнүгэр 300 №-дээх ыйаахха илии баттаабыта. СӨ бырабыыталыстыбатыгар от ыйын 1 күнүгэр диэри туох баар нуорма-быраап аакталарын ылынан, бу ыйааҕы толорорго көрүллэр ороскуот үбүн буларга сорудахтаабыта.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр дастабырыанньаларын урут ылбыт буоллахтарына, 2024 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри туһаналлар уонна бу кэмҥэ диэри социальнай управлениеҕа сайабылыанньа суруйан, саҥаҕа уларытыахтаахтар. 

«Вести Верхоянья».

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Сергин: «Доруобуйа харыстабылыгар каадыры бэлэмнээһин үлэтэ күүскэ барар»

Ил Дархан Айсен Николаев ааспыт сылга Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын кэлим…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан тырааныспар сайдыытыгар улахан болҕомтотун ууруо

Владимир Сивцев, тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирэ: -Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын, суолун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомтотун…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 12.00 ч. Ил Дархан  Айсен Николаев сыл аайы ыытыллар…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госөҥөлөр портал дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүүттэн эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһүөҕэ

Порталга “жизненная ситуация” диэн саҥа раздел баар буолбут. Манна дьиэ кэргэн иһигэр күүһүнэн өттөйүү көрүҥнэригэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Урбаан миниистирэ Георгий Андреев  социальнай ситимнэргэ быһа эпииргэ тахсыаҕа

СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Георгий Андреев бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр,  СӨ Ил Дарханын…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сардаана Корякина – Николай Неустроев аатынан бириэмийэ саҥа лауреата

Быйыл ахсынньы 15 күнүгэр саха литературатын төрүттээччилэртэн эдэрдэрэ, сахалыы комедия жанрын олохтообут драматург, саха уонна…

2 часа ago