Салгыы
Элбэх оҕолоох ыал оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар төлөбүр көрүллэр

Элбэх оҕолоох ыал оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар төлөбүр көрүллэр

02.08.2024, 18:40
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалы өйүүр хайысха үгүс. Олортон биирдэстэринэн элбэх оҕолоох ыал оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар сыллата көрүллэр төлөбүр буолар. Бу хас биирдии оҕоҕо көрүллэр.

Өскөтүн дьиэ кэргэн бу ирдэбилгэ барытыгар хапсар түгэнигэр, тустаах төлөбүр хас биирдии оҕоҕо көрүллэр:

— сайаапканы ыытааччы – Саха Өрөспүүбүүлүкэтигэр бастайааннай олохтоох РФ гражданина;

— ыал дохуота биирдии киһиэхэ тиксэр орто дохуота нэһилиэнньэ тиийинэн олорор алын кээмэйиттэн кыра;

— оҕо оскуолаҕа эбэтэр идэҕэ бэлэмниир үөрэххэ үөрэнэр;

— дьиэ кэргэн 18-тан 23-гэр диэри саастаах күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуоннаах үстэн аҕыйаҕа суох оҕолоох.

Дьиэ кэргэн биирдии киһиэхэ тиксэр орто дохуота сайабылыанньа биэрэр ый иннинээҕи халандаарынан 12 бүтэһик ыйдара ааҕыллар (12 последних календарных месяцев, предшествующих месяцу подачи заявления).

Төлөбүр сылга биирдэ көрүллэр. Бу төлөбүрү ханнык баҕарар кэмҥэ ылыахха сөп (булгуччу атырдьах-балаҕан ыйдарыгар диэн буолбатах). Сайабылыанньаҕытын e-yakutia.ru өҥө порталынан ыытыаххытын сөп. Бу туһунан Саха сиринээҕи Судаарыстыбаннай өҥө телеграм ханаалыгар суруйаллар.

+1
26
+1
6
+1
2
+1
1
+1
1
+1
1
+1
7
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: