Элбэх оҕолоох ыал: сир эбэтэр харчы

Share

Уһаайба сирин учаастагынан босхо хааччыллыы испииһэгэр уочаракка турар үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сири ылыы оннугар харчынан ылары үтүө баҕаларынан сөбүлэһэр түгэннэригэр көрүллэр үп суумата Ил Дархан Айсен Николаев киллэрбит СӨ Сир кодексыгар уларытыыларын барылыгар чуолкайданан, дьокутааттар дьүүллэһиилэригэр киирдэ.

Саха сирин үрдүнэн элбэх оҕолоох ыал манан төһө туһаныай?

Сири ылыыга уочаракка турар элбэх оҕолоох ыал уопсай ахсаана 2022 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 26 072.  10 848 ыал сир ылбыт, ол иһигэр, быйыл – 219 ыал. Оттон 15 224 дьиэ кэргэн босхо сиргэ тиксэ илик.
СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрбитинэн, биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 200 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сири босхо ылыыттан аккаастанар түгэнигэр маннык уочаракка иккистээн киирэрэ көрүллүбэт уонна сири бас билиигэ босхо ылар бырааптаныыта тохтотуллар.
Сорох дьокутааттар харчы кээмэйэ сири ылыыга эппиэттээбэтигэр тохтоотулар. Онуоха парламент Дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова быһаарбытынан, сокуон барылынан көрүллүөхтээх үп өйөбүл биир көрүҥэ буоларын, ити харчы сири атыылаһыыга диэн буолбатаҕын итиэннэ маннык миэрэ уһун уочараты аҕыйатыан сөбүн бэлиэтээтэ.

Елена Иванова, «Саха сирэ» хаһыат.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Түннүгүнэн киирэн малы уорбут

ИДьМ Дьокуускайдааҕы салаатын полиция 1-кы нүөмэрдээх отделыгар  куорат олохтооҕо чааһынай дьиэтиттэн 66 тыһ. солк. суумалаах…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Инбэлииттэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө миэрэлэрэ

Инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ араас өрүттээх көмө оҥоһуллар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга …

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киһини өлөрөн, 7 сылга хаайылынна

Дьокуускай куорат борокуратуурата 35 саастаах киһи холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Бу сууттаммыт киһи өлөрүүгэ…

1 час ago
  • Сонуннар

Муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

2026-2027 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы алын баалын бигэргэттилэр

РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Оҕобун уорбуттар» диэн федеральнай ханаалга кэпсээтэ

Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…

2 часа ago