Элбэх оҕолоох ыалга дьиэни гаастааһыҥҥа көмө орто дохуоттарыттан тутулуга суох оҥоһуллар буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата туһааннаах ыйаахха саҥа уларыйыылары киллэрдэ.
Уларыйыылары киллэрии туһунан Ил Дархан Айсен Николаев тустаах сорудах биэрбитэ. Биирдэ бэриллэр көмө муҥутуур кээмэйэ биир дьиэҕэ 150 тыһыынча солкуобай буолар. Бу көмөнү дьиэҕэ гаас турбатын тардыыга, тиэргэн иһинээҕи гаас ситимин тардыыга, гаас хочуолун атыылаһыыга, гаас билиитэни туруорууга, счетчигы, радиатордары, турбалары атыылаһыыга, гааһы холбуур үлэ өҥөтүн төлүүргэ, сылытар систиэмэни таҥыыга туттуохха сөп.
Бу курдук орто дохуоттан тутулуга суох көмөнү билигин Аҕа дойду сэриитин уонна тыыл бэтэрээннэрэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ туһаныахтарын сөп. Көмөнү ыларга олохтоох дьаһалтаҕа сайаапка түһэриллиэхтээх.
2022 сылга Үлэ министиэристибэтин салаатынан 1 206 дьиэ кэргэҥҥэ 168 мөл. 100 тыһ. солкуобай суумалаах көмө оҥоһуллубута.
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…