Мария Васильева хаартыската, ЯСИА.
Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр саҥа миэрэ олоххо киирэр. Үс уонна онтон элбэх оҕолоохтор ааҕыллыбыт дьиэ-уот өҥөтүттэн 30 бырыһыан кээмэйдээх төлөбүрү ылыахтарын сөп. Билигин 1214 дьиэ кэргэн сайабылыанньа биэрбит.
Саха сирин ОДьКХ уонна энергетикаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, e-yakutia портал нөҥүө 1080, МФЦ нөҥүө 134 сайабылыанньа киирбит.
Төлөбүргэ элбэх оҕолоохтор тиксиэхтэрин сөп. Олорор сирдэринэн регистрациялаах буолуохтаахтар. Хомунаалынайын төлөбүрүн сайабылыанньаны биэриэн иннинээҕи ыйга төлөөбүт буолуохтаах.
Чэпчэтии сылга биирдэ бэриллэр сайабылыанньанан оҥоһуллар. Төлөбүр 12 ыйга ананар уонна сайаапкалаабыт киһи «Саха сирин олохтооҕун каартата» счетугар киириэҕэ.
Сайабылыанньаны госөҥө эрэгийиэннээҕи порталыгар эбэтэр «Мои документы» киин офистарыгар биэриэххэ сөп.
Саха сиригэр хас биирдии бэһис ыал элбэх оҕолоох. Өрөспүүбүлүкэҕэ 118 тыһыынчаттан тахса оҕо иитиллэр 34 тыһыынча ыал баар. Төрөөһүн туругунан эрэгийиэн Уһук Илиҥҥэ бастакы уонна дойдуга сэттис миэстэлээх.
Алта сыл устата Саха сиригэр ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ үбүлээһин аҕыс төгүл улаатта уонна 29,5 миллиард солкуобайга тиийдэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Ааспыт өрөбүл күннэргэ Дьокуускайга эчэйиитэ суох 15 суол быһылаана бэлиэтэннэ. Бу туһунан киин куорат ГАИ…
2025 сылга араас таһымнаах быыбардарга байыаннай дьайыы 890 кыттыылааҕа мандааттаах ылбыт. Бу туһунан «Биир ньыгыл…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Дьокуускайга 1–8-с кылаас үөрэнээччилэригэр актированнай күн биллэрилиннэ. Бу туһунан киин куорат…
Cаха сирин синоптиктарын билгэлэринэн бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, хоту оройуоннарынан хаардыыр. Эдьигээн улууһугар сөкүүндэҕэ 9-14…
Бүгүн Дьокуускайга «Патриот» ыччат киинин үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Бу аныгы кэм ыччатын сайдар, үүнэр,…
Бүгүн Саха сиригэр бастакы Уһук Илиҥҥэ биир бөдөҥ элбэх функциялаах «Патриот» ыччат киинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга…