Элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүн төлөбүрүгэр чэпчэтиини ылыахтарын сөп

Share

Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр саҥа миэрэ олоххо киирэр. Үс уонна онтон элбэх оҕолоохтор ааҕыллыбыт дьиэ-уот өҥөтүттэн 30 бырыһыан кээмэйдээх төлөбүрү ылыахтарын сөп. Билигин 1214 дьиэ кэргэн сайабылыанньа биэрбит.

Саха сирин ОДьКХ уонна энергетикаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, e-yakutia портал нөҥүө 1080, МФЦ нөҥүө 134  сайабылыанньа киирбит.

Төлөбүргэ элбэх оҕолоохтор тиксиэхтэрин сөп. Олорор сирдэринэн регистрациялаах буолуохтаахтар. Хомунаалынайын төлөбүрүн сайабылыанньаны биэриэн иннинээҕи ыйга төлөөбүт буолуохтаах.

Чэпчэтии сылга биирдэ бэриллэр сайабылыанньанан оҥоһуллар. Төлөбүр 12 ыйга ананар уонна сайаапкалаабыт киһи «Саха сирин олохтооҕун каартата» счетугар киириэҕэ.
Сайабылыанньаны госөҥө эрэгийиэннээҕи порталыгар эбэтэр «Мои документы» киин офистарыгар биэриэххэ сөп.

Саха сиригэр хас биирдии бэһис ыал элбэх оҕолоох. Өрөспүүбүлүкэҕэ 118 тыһыынчаттан тахса оҕо иитиллэр 34 тыһыынча ыал баар. Төрөөһүн туругунан эрэгийиэн Уһук Илиҥҥэ бастакы уонна дойдуга сэттис миэстэлээх.

Алта сыл устата Саха сиригэр ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ үбүлээһин аҕыс төгүл улаатта уонна 29,5 миллиард солкуобайга тиийдэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Нелегальнай мигрант» эпэрээссийэ салҕанар

Суһал-сэрэтэр тэрээһиннэр саҕаланыахтарыттан полиция үлэһиттэрэ омук дьоно олорор, үлэлиир 3,2 тыһыынчаттан тахса эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээбиттэр. Бу…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

«Чөмпүйүөннэр бааллара»: Саха сиригэр сыл бастыҥ күрэсчиттэрэ биллиэхтэрэ

Быйылгы тэрээһиҥҥэ физкултуура уонна успуорт эйгэтигэр хас да саҥа анал аат туттарыллыаҕа. Сыл бастыҥ күрэсчиттэрин,…

11 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар үлэ кубуотатын 5 тыһыынчаҕа тиийэ улаатыннарыахтара

Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтара үлэҕэ ылыллар кубуоталарын 5 тыһыынчаҕа тиийэ улаатыннарыахтара диэтэ Дьарыктаах буолуу…

26 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Гимназияҕа итии уу турбата тэстэн, уол оҕо эчэйбит

Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар 17 саастаах уол итии уу турбата тэстэн эчэйбит. СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев оҕолор Саҥа дьыллааҕы баҕа санааларын толордо

Ил Дархан Айсен Николаев «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кыттан, коррекционнай оскуола оҕолорун Жанна Горохова уонна…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл 11 ыйын устатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 13,3 тыһыынчаттан тахса буруйу оҥоруу бэлиэтэммит

2025 сыл 11 ыйын устатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 13,3 тыһыынчаттан тахса буруйу оҥоруу бэлиэтэммит (+8,0 %, 12,3…

41 минута ago