Элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ ылалларыгар төлөбүр бэриллэр

Share

Саха сиригэр 2012 сылтан 2023 сылга диэри 792 ыал 2 миллиард 281 мөлүйүөн суумалаах биирдэ бэриллэр социальнай төлөбүрү ылбыт. Бу маннык төлөбүр сокуоннай саастарын туола илик 5-тэн элбэх оҕолоох ыалларга дьиэ ылалларыгар (тутталларыгар) анаан бэриллэр. Бырагыраама өрөспүүбүлүкэҕэ 2012 сылтан үлэлиир.

Кинилэр Саха сиригэр 20 сылтан итэҕэһэ суох кэм устата олорбут уонна 5-тэн элбэх сокуоннай саастарын туола илик, эбэтэр, күнүскү үөрэххэ үөрэнэр 23 саастарын туола илик устудьуон, эбэтэр, сулууспалыы сылдьар оҕолоох буолуохтаахтар. Манна сокуоннай саастарын туолбут эрээри, үлэлээбэт инбэлиит оҕолор эмиэ киирсэллэр.

Социальнай төлөбүр кээмэйэ дьиэ сыанатын 35%-гар тэҥнэһэр. Маны ааҕарга олорор дьиэ иэнин нуорматын (1 киһиэхэ 18 кв.м.) уонна өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут олорор дьиэ уопсай иэнин 1 кв. миэтэрэтин сыанатын учуоттууллар.

«О государственном бюджете РС(Я) на 2023 год и на плановый период 2024 и 2025 годов» сокуон чэрчитинэн, испииһэккэ 64 ыал киирэ сылдьар. Кинилэргэ 248,7 мөлүйүөн солкуобай төлөнүөхтээх.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн Дьокуускайга «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка түмүктэнэр

Бүгүн, алтынньы 26 күнүгэр, Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар «Саха сирин балыга» диэн ааттаах үгэс буолбут…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Оҕону мөҕөн-этэн барбакка, холкутук сыһыаннас

Киэһэ хойут айаннаан иһэн көрдөхпүнэ, уулусса устун эрдэҕэс саастаах оҕолор хаамса сылдьар буолаллар. Бу оҕолор…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Биир киһиэхэ нуорма быһыытынан төһө собо тиксиэхтээҕий?

Саха сирин үрдүнэн муҥха кэмэ күргүөмнээхтик салҕанар.Онуоха санатар буоллахха, 2017 сыллаахха киирбит муус аннынан балыктааһын…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Де­нис: «Аһы-­үөлү улуус­тар дэ­лэ­гээс­си­йэ­лэ­рэ ил­дьэл­лэ­рэ бы­дан ор­дук»

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин эргин Саха сирин тирэх пууна баарын истэ-билэ сылдьар буолуохтааххыт. Өрөспүүбүлүкэбититтэн хомуллан тиийбит…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күргэ бастакы тирэҕэ турда!

Өлүөнэ өрүс хаҥас кытылыгар, Табаҕа сиригэр-уотугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга Өлүөнэ күргэтин бастакы тирэҕэр өйдөбүнньүк бэлиэни туруорар тэрээһин буолан ааста. Этэргэ дылы, бэҕэһээҥҥэ диэри саарбахтыыр санаалаах киһи, бүгүн миэстэтигэр тиийэн туох үлэ-хамнас ыытылларын…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Байыаннай дьайыы зонатыттан тиэхиньикэ Саха сиригэр аҕалылынна

Бэҕэһээ, алтынньы 25 күнүгэр, байыаннай дьайыы ыытыллар сириттэн былдьаммыт байыаннай тиэхиньикэ Аллараа Бэстээххэ кэлбитэ.  Бүгүн…

3 часа ago