Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох ыаллар таксыынан айанныылларыгар чэпчэтиилээх тарыыптары олохтуохтара. Бу туһунан сорудаҕы бэрэсидьиэн Владимир Путин биэрдэ диэн ТАСС суруйар.
— Балаһыанньаны үөрэтэн көрүҥ уонна элбэх оҕолоох ыаллар таксыынан айанныылларын хаачыстыбатын үрдэтэр туһуттан, чэпчэтиилээх тарыыбы туһанарга этиилэри киллэриҥ, — диэн бэрэсидьиэн сорудахтаата.
Маны тэҥэ, Владимр Путин таксыы массыыналарыгар оҕону олордор анал кириэһилэлээхтэрин бэрэбиэркэлээҥ диэн соруйда. Бу сорудахтары толорууга эппиэтинэһи премьер-миниистир Михаил Мишустин уонна эрэгийиэннэргэ тустаах дуоһунастаах дьон сүгэллэр. Кинилэр кулун тутар 15 күнүгэр диэри отчуоту суруйан, бэрэсидьиэҥҥэ киллэриэхтээхтэр.
Маны тэҥэ, РФ үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ оҕо көрөн олоруу уоппускатын кэмин бүтүннүү страховой ыстааска киллэрэр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьар. Оччотугар элбэх оҕолоох төрөппүттэр биэнсийэлэрин кээмэйэ эмиэ эбиллэр.
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…