Элбэх оҕолоох ыаллар түмэллэргэ ханнык баҕарар күҥҥэ босхо сылдьыахтара

Share

Арассыыйаҕа олорор элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр аны Арассыыйа үрдүнэн баар түмэллэргэ, пааркаларга, быыстапкаларга ханнык баҕарар күҥҥэ босхо сылдьыахтарын сөп. Бу туһунан бырабыыталыстыба мунньаҕын кэмигэр бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин иһитиннэрдэ. 

Кини эппитинэн, сорох култуура тэрилтэлэрэ босхо сылдьарга анаан туспа кыраапык оҥороллор. Холобур, ыйга икки оннук күнү олохтууллар. Онон элбэх оҕолоох төрөппүттэр баҕарбыт күннэригэр киирэр, сылдьар кыахтара суох.

Бырабыыталыстыба федеральнай судаарыстыбаннай уорганнар көрүүлэригэр баар тэрилтэлэргэ быраабыла олохтоото. Онон мантан ыла элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр култуура тэрилтэтэ үлэлиир  кэмигэр, ханнык баҕарар бириэмэҕэ босхо  киирэр, көрөр кыахтаналлар. Бу туһунан информация култуура тэрилтэтин саайтыгар көстөр сиргэ туруохтаах уонна саҥардыллан иһиэхтээх, —  диэн премьер эттэ.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ ханнык баҕарар эрэгийиэҥҥэ баар түмэллэргэ, быыстапкаларга, пааркаларга босхо сылдьар кыах 2024 сыллаахха бэрэсидьиэн ыйааҕынан бэриллибитэ. Ол чэрчитинэн, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньатын көрдөрдөхтөрүнэ, босхо сылдьаллар диэн Объясняем.рф суруйар.

Холобур, Саха сириттэн 4-5 оҕолоох ыал соҕуруу, киин куораттарга баран, оҕолорун култуурунай сынньалаҥнарын тэрийэргэ, сайыннарарга аатырбыт түмэллэргэ, сынньалаҥ пааркаларыгар сылдьарга маннык кыаҕы туһанан, дьиэ кэргэн бүддьүөтүн улаханнык кэмчилиир кыахтаналлар. Бу манна чааһынай уонна судаарыстыбаннай диэн араарыахтарын наада.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин 629 чилиэнэ социальнай чөлүгэр түһэриини ааста

Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев Ыйааҕын толоруу чэрчитинэн, Оҕолору уона обургу оҕолору чөлүгэр түһэрэр…

3 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

ДНӨ-ҕэ 26 нэһилиэнньэлээх пуун Уһук Илин субъектарыгар сыһыарылынна

Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ 222 тыһыынчаттан тахса киһи олорор 6 муниципальнай тэриллиигэ 26 нэһилиэнньэлээх пуун Уһук…

16 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга 60-тан тахса суоппар маассыынатын былдьатта

Бу сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн, Дьокуускайга итирик туруктаах массыынаны хаттаан ыыппыт дьоҥҥо сыһыаннаан 274 холуобунай…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үтүө үгэс

«…Айхал алгыс сахам тыла, Уруй олук сахам тыла, Күн бэлэҕэ сахам тыла». Ити курдук киэн…

39 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

2026 сылга ыам ыйыгар хас күн өрүүбүт?

2026 сылга ыам ыйын бырааһынньыктара саҥа дьылга уһун өрөбүллэртэн сылтаан, үс күҥҥэ диэри кылгатыллар. Бу…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Паромнар сырыыларын тохтотор болдьоҕо билиннэ

СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ паромнар сырыыларын тохтотор кыраапыгын таһаарда. «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан паромнар…

53 минуты ago