Салгыы
Элбэх оҕолоох ыалларга ипотекаларын төлүүллэригэр көмөлөһүөхтэрэ

Элбэх оҕолоох ыалларга ипотекаларын төлүүллэригэр көмөлөһүөхтэрэ

Ааптар:
18.12.2022, 10:00
Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата ипотеканан туһанар элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөр сыаллаах, бүддьүөттэн  8,5 млрд солк. көрдө. Бу туһунан РФ бырабыыталыстыбатын   telegram-ханаалыгар суруйдулар.

Элбэх оҕолоох төрөппүттэр дьиэ кэргэн, Уһук Илиҥҥи биитэр  чэпчэтиилээх ипотека  бырагыраамалартан биирдэстэриттэн туһаныахтарын сөп.  РФ бырабыыталыстыбатын сорудаҕынан, 450 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллуоҕа.
Биир кэмнээх төлөбүрү дьиэни атыылаһыыга, тутууга биитэр дьиэ туттарга анаан сир учаастагын атыылаһыыга туһаныллар.Бырабыыталыстыба туһааннаах бырагырааманы үһүс оҕолоро 2023 сыл бүтүөр диэри төрөөбүт дьиэ кэргэттэргэ уһатта.  Маны таһынан кирэдьиит дуогабарын 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри түһэрсиэххэ сөп.
«Бу бырагыраамаҕа хас да тыһыынча дьиэ кэргэн хабыллан, дьиэни атыылаһыыга ороскуоттарын аҕыйатыахтара», — диэтэ  премьер-миниистир Михаил Мишустин.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: