Элбэх оҕолоох ыалларга учаастагы ылыы уочаратын түргэтэтиэхтэрэ

Share

Ахсынньы 3 күнүгэр буолбут бырабыыталыстыба мунньаҕар Айсен Николаев элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ босхо учаастагы биэриигэ уочараты түргэтэтэр мэхэньиисимнэри оҥорорго сорудахтаата.

— Бу сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара эбиллэн иһэр. Ол үөрдэр, биһиги ыытар бэлиитикэбит сөптөөҕүн туоһулуур. Бу сылларга элбэх оҕолоох ыалларга 13 тыһыынчаттан тахса сир учаастага бэрилиннэ. Мантан саамай элбэх  — 3 тыһыынчаттан тахса учаастак Дьокуускайга бэрилиннэ, — диэн Ил Дархан эттэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ бу көмө миэрэтин 14 тыһыынчатан тахса ыал күүтэр. Кинилэртэн 9 тыһыынча ыал Дьокуускайга олорор. Бу улахан уочараты түргэтэтэр туһуттан, саҥа ньымалары көрдүөххэ наада.

Учаастактар баар сирдэригэр суолу, уоту, гааһы тардыы боппуруостарын быһаарарга этиилэри киллэрэргэ сорудахтаата. Ол эрээри, инфраструктура тардыллыбытын да иһин, уопсай боппуруоһу быһаарбат. Холобур, Дьокуускайга элбэх үп көрүллэн, инфраструктура тардыллыбытын да иһин, мээр Евгений Григорьев этэринэн, ылбыт дьон  22%-ра эрэ дьиэ-уот туттубуттар.

Биир мэхэньиисиминэн харчынан толуйуу буолар. Холобур, 2022 сылтан босхо учаастактан аккаастаммыт дьоҥҥо 200 тыһыынча солкуобайы харчынан биэрэллэр. Барыта 3 тыһыынчатан тахса ыал бу көмөнөн туһаммыт. Ил Дархан бу харчынан толуйууну сыллата индексациялыырга этии киллэрдэ.

Билигин сыл бүтүөр диэри этиилэри хомуйан, саҥа миэрэлэри ылынарга киллэриэхтэрэ. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

8 часов ago