Салгыы
Элбэх оҕолоохторго социальнай өйөбүл кэҥиир

Элбэх оҕолоохторго социальнай өйөбүл кэҥиир

Ааптар:
31.08.2024, 10:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга 2024 сылтан үлэлээбит уонна балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр социальнай өйөбүл саҥа эбии миэрэлэрэ. Карточкалары Үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата бэлэмнээтэ.

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 с.муус устар 26 күнүнээҕи 300№-дээх «СӨ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ эбии социальнай өйөбүллэрин туһунан» Ыйааҕынан балаҕан ыйыттан саҥа эбии  саҥа социальнай өйөбүллэр олоххо киириэхтэрэ:

  1. Үс уонна онтон элбэх оҕоломмут, Саха сиригэр 5 сыл олорбут, дьиэ кэргэттэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаала 300 тыһ. солк. диэри улаатта;
  2. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын сорох харчытын оҕо тииһин оҥотторууга, ортодонт өҥөтүн  уонна бырайыас төлөбүрүн толуйуохха сөп.
  3. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаалын дьиэ туттарга сир учаастагын атыылаһыахха сөп;
  4. Саха сиригэр ирдэнэр уонна наадалаах идэлэргэ үөрэнэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн устудьуоннарын орто анал үөрэхтэрин төлөбүрүгэр биир кэмнээх 50 тыһ. солк. ананар;
  5. Сайыбылыанньа быһыытынан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ 12 ый устата ОДьКХ төлөбүрүгэр 30% чэпчэтии көрүллэр. Харчынан төлөбүр ый ахсын «Карта жителя Якутии» каартаҕа түһэр.
  6. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолорун оскуолаҕа уонна орто анал үөрэх кыһаларыгар босхо аһатыы көрүллэр;
  7. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолоро уопсастыбаннай тырааныспарга босхо сылдьаллар;
  8. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр төрөппүттэрэ орто анал үөрэх кыһатыгар үөрэх төлөбүрүн толуйуохтарын сөп;
  9. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай култуура тэрилтэлэригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр босхо сылдьаллар.
+1
17
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: