Элбэх оҕолоох ийэ 1,2 мөл. солк. түөкүттэргэ ыытта

Share

Бу күннэргэ Таатта улууһугар олорор оҕо уһуйаанын иитээччитинэн үлэлиир, элбэх оҕолоох дьахтарга төлөпүөнүнэн ФСБ-тан диэн түөкүттэр эрийбиттэр.

Өссө ону итэҕэтэр сыалтан бассаап* (*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)  нөҥүө дастабарыанньаларын хаартыскалаан ыыппыттар уонна эн бааныҥ счетун алдьатаннар атын дойдуга харчыгын ыытан эрэллэр диэн биллэрбиттэр. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ити кэнниттэн эмсэҕэлээччигэ Киин баан үлэһитэбин диэн аны атын түөкүн төлөпүөннээбит, бу киһи эмиэ «дастабарыанньатын» хаартыскатын ыыппыт. Онон эмсэҕэлээччини угаайыга киллэрэннэр, чугас дьонугар кытары бу туһунан эппэтин курдук сүбэлээннэр, дьиэ кэргэниттэн кистээн Дьокуускайга барарыгар эппиттэр. Элбэх оҕолоох ийэ кимҥэ даҕаны эппэккэ, Дьокуускай куоракка аймаҕа да, билэр дьоно да элбэҕин үрдүнэн, гостиницаҕа түспүт. Икки суукка иһигэр кини «Алмазэргиэнбааҥҥа» 800 тыһ. солк. уонна «Альфа-бааҥҥа» 420 тыһ. солк. кирэдьиит оҥотторбут.

Инньэ гынан дьахтар кибер-түөкүттэр угаайыларыгар киирэн 1 мөл. 200 тыһ. солкуобай харчыны «Туймаада» атыы-эргиэн киинигэр баар банкомаат нөҥүө түөкүттэргэ ыыппыт. Хаалбыт 20 тыһ. солк. дьахтар бэйэтигэр хаалларбыт. Үһүс күнүгэр түөкүттэр эмиэ кирэдьиит ыллаттараары төлөпүөннээбиттэр, эмсэҕэлээччи дьэ онно биирдэ өйдөнөн, аймаҕа киһиэхэ кэпсээн, онто албыннаппытын итэҕэппит.

Онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Ис дьыала министиэристибэтэ ханнык даҕаны быраап уорганнарын үлэһиттэрэ дастабырыанньаларын хаартыскалаан батсаабынан да, атын да социальнай ситиминэн ыыппаттарын сэрэтэллэр. Өскөтүн итинник төлөпүөннээн эттэхтэринэ, ким даҕаны буолун, кэпсэтимэҥ.

(*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России)

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago