«Өлбөт үйэлээх полк» тэрээһини түөрт хайысханан ыытыахха сөп
Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы “Өлбөт үйэлээх полк” үгэс быһыытынан сэлэлээн хаамыы курдук буолбакка, түөрт хайысханан ыытыллыан сөп.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, СӨ Уопсастыбаннай балаататын салайааччыта Николай Бугаев тэрээһини хайдах ыытарга сүбэлээбит: бастакы сүбэ — тэрээһини массыынанан айан быһыытынан ыытыахха сөп. Суоппар буойун мэтириэтин бэйэтин массыынатын ойоҕоһун этэбэтэр кэнники өстүөкүлэтигэр ыйыан сөп. Иккис өрүт – Улуу Кыайыы күнүгэр дьоруой хаартыскалаах таҥаһы кэтиэххэ сөп. Үһүс сүбэ – бырааһынньык кэмигэр үлэлиир киһи түөһүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт аҕатын, эһэтин, хос эһэтин, тыылга кыайыыны уһансыбыт чугас киһитин, тыыл бэтэрээнин мэтириэтин хаартыскатын анаан оҥотторон (бейджик) кэтиэн сөп. Төрдүһүнэн, социальнай ситимнэргэ чугас аймаҕыҥ туһунан видео-аккырыыккалаах иһитиннэриини оҥоруохха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: