Өлбүт киһи мунньуллар биэнсийэтин чугас дьоно ылыахтарын сөп

Share

2024 сылга Саха сиригэр өлбүт аймахтарын мунньуллар биэнсийэлэрин 730 киһи ылла.  Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата кинилэргэ 73 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы ыытта.

Мунньуллар биэнсийэ 1953-1966 сыл төрүөх эр дьон уонна 1957-1966 сыл төрүөх дьахталларга 2002-2004 сылларга мунньуллубута. Маны тэҥэ, 2002-2013 сылларга үлэлии сылдьыбыт 1967 сылтан бэттэх төрөөбүт дьоҥҥо мунньуллубута. Кинилэр биэнсийэҕэ ууруллар страховой усунуостарыттан сорох чааһа бу мунньуллар биэнсийэҕэ ыытыллар этэ.

2014 сылтан үлэни биэрээччи страховой усунуоһу страховой биэнсийэҕэ эрэ ыытар буолбута, мунньуллар биэсийэҕэ ыытыы тохтообута. Оттон билигин Ийэ хапытаалын биэнсийэҕэ ыытыахтарын баҕарар дьон мунньуллар биэнсийэҕэ диэн мунньуохтарын сөп. Мунньуллар биэнсийэ төһө буолбутун Социальнай пуонда салаатыттан баран, билиэххэ сөп. Үлэһит төһө хамнастааҕыттан, төһө усунуоһу ыыппытыттан көрөн, ортотунан 300-500 тыһыынча солкуобай мунньуллубут буолуохтаах.

Өскөтүн киһи бу мунньуллар биэнсийэтин ылбакка эрэ өлөн хаалбыт буоллаҕына, сокуонунан ылар бырааптаах чугас киһитэ (правопреемник) ылыан сөп. Бу кини оҕолоро, кэргэнэ, төрөппүттэрэ буолуохтарын сөп. Кинилэр суох буоллахтарына, иккис уочарат бырааптаах дьон — бииргэ төрөөбүттэрэ, эһэлэрэ-эбэлэрэ, сиэннэрэ ылыахтарын сөп.

Ылар туһуттан хайаан да сайабылыанньаны аймаҕыҥ өлбүтэ 6 ый ааһа илигинэ, суруйуохха наада. Бу болдьох ааспыт буоллаҕына, суут нөҥүө ылыахха сөп. 

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга бастакы тифло-бэстибээл ыытылынна

Дойду үрдүнэн харахтарынан көрбөт дьоҥҥо туһуламмыт «Үрүҥ торуоска» аахсыйа сылын ахсын алтынньы ый 15 күнүттэн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл үгэскэ кубулуйда

Быйыл үгэс быһыытынан "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" кыһыҥҥы туризм бэстибээлэ  бэрт  кэрэхсэбиллээх түгэннэри бэлэхтиэҕэ. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар

Урбаанньыт дьахталлар сонун сүүрээннэри торумнаатылар

Бу күннэргэ Дьокуускайга урбаанньыт дьахталлар “Биисинэс эйгэтэ дьахтар көрүүтүнэн” бырайыак олоххо киириитин 10 сыллаах үбүлүөйүн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыастарга баһыылка ыыттылар

Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо байыастарга анаан баһыылкалары бэлэмнээн, икки массыынанан Дьокуускайга ыыттылар. Бу туһунан улуус…

2 часа ago
  • Сонуннар

Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэтэ сүбэ мунньаҕы ыытта

Бу күннэргэ баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕар Таатта улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уонна тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэҕэ ойуур кыылларын аһаталлар

Кыһыҥҥы кэмҥэ кыыл-сүөл ордук эбии аһылыкка наадыйар. Эбии аһылыгы, тууһу уонна сэбирдэхтээх талахтары дьиикэй кыыллар…

3 часа ago