Өлөөн маастардара “Дуннэдув” быыстапкаҕа кытыннылар
Соторутааҕыта Хотугу норуоттар ассоциацияларын — 35, “Илкэн” хаһыат тэриллибиттэрэ 25 сыллаах үбүлүөйдэригэр аналлаах тэрээһиннэр Дьокуускайга Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Ол курдук, биһиги оройуоммут 10 маастара “Дуннэдув” (Земле моей) диэн үһүс төгүлүн ыытыллар хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар маастардарын быыстапкатыгар “Лучшая сумка” көскө туттуллар матаҕа, бэрэмэдэй тигиитин үгэстэригэр сэминээргэ, маастар- кылаастарга кытыннылар. Өлөөн улууһуттан туттар малы- салы угар, харайар өмүүкчэ көрүүтүгэр Ольга Ивановна Николаева, Ия Яковлевна Сергеева, Марианна Егоровна Игнатьева кытыннылар. Ия Сергеева “Сохранение традиций национального шитья” анал номинацияны ылла. “Лучшая сумка” матаҕалар, суумкалар, саппыйалар, маллаах иһиттэр, төлөпүөн хааларын көрүү күрэҕэр Людмила Владимировна Бенчик, Мария Ивановна Егорова, Мария Николаевна Агаева, Валентина Семеновна Бурнашева, Ульяна Васильевна Никифорова, Мария Петровна Аргунова уонна мин кытынныбыт. Людмила Владимировна ойуу-оһуор мандардаах матаҕаны олус хаачыстыбалаахтык тикпитэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан грамотанан бэлиэтэннэ.
Гран-при хаһаайкатыгар – иистэнэр массыына
Үһүс төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка Гран-при хаһаайкатынан Мария Ивановна буолла. Мария тикпит табаҕа ыырдыллар матаҕата өбүгэ үгэһин туох баар ымпыгын-чымпыгын тутуһан, хаачыстыба өттүнэн баһыйан, дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылан, “Илкэн” хаһыат сүрүн бирииһинэн — иистэнэр массыынанан наҕараадаланна. Итини тэҥэ үс күн араас оройуон маастардарын кытта уопут атастастыбыт. “Традиционные виды сумок и поклажи” диэн сэминээргэ кытынныбыт. Учуонайдар, кыраайы үөрэтэр түмэл харайааччыларын олус интэриэһинэй дакылаатарын иһиттибит. Мин Өлөөн эбэҥкилэрэ көскө туттар матаҕаларын, саппыйаларын көрүҥнэринэн практическай иһитиннэрии оҥордум. Кэбээйиттэн кэлэ сылдьар Антуанетта Егоровна булчут, табаһыт туттар таба, чубуку тириититтэн, тыһыттан дьоҕус саппыйалары көрдөрөр, кэпсиир үчүгэй ис хоһоонноох дакылааты оҥордо.
Ия Сергеева эмэҕи туттуу ньыматын көрдөрдө
Быыстапка иккис күнүгэр Ия Сергеева тыһы имитиигэ эмэҕи туттуу ньыматын көрдөрөр маастар- кылаас биэрдэ. Мария Агаева таба иэнин иҥииринэн утах хатан сап оҥоһуутун көрдөрдө. Мин оҕо мүркэптииннээх этэрбэһин тигиитин көрдөрдүм. Хас биирдии маастардарга быыстапкаҕа кыттыбыттарын туоһулуур сэртипикээттэр туттарылыннылар. Быыстапка үлэлиир кэмигэр “Саха” национальнай көрдөрөр- иһитиннэрэр хампаанньа “Геван”, “Саха сатаабатаҕа суох”, “Россия 24” биэриилэрин суруналыыстара хотугу норуоттар туруорбут үлэлэринэн быыстапканы уһуллулар, маастардары кытта үлэлээтилэр. Ити курдук, Өлөөн оройуонуттан бу да сырыыга саҥа ааттары таһаарар сыаллаах- соруктаах үс күннээх үлэбит үчүгэй түмүктээх буолбутуттан үөрдүбүт, тэрийээччилэргэ махталбыт муҥура суох улахан.
“Бисер севера” быыстапкаҕа
Мантан салгыы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ахсынньы ый 20 күнүттэн тохсунньу 17 күнүгэр диэри “Бисер севера” 4- с эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы көрүү- быыстапка ыытыллар. Өлөөн нэһилиэктэриттэн оҕуруонан тигэр, дьарыктанар маастардар үлэлэрэ көрүүгэ туруоруллуохтара. Өлөөн нэһилиэгиттэн Ия Сергеева салгыы бу быыстапкаҕа кыттаары үлэлии, иистэнэн бэлэмнэнэ сылдьар.
“Лучшая сумка” өрөспүүбүлүкэ быыстапкатын Духуобунай сайдыы уонна култуура министиэристибэтэ, АКМНС, “Симэх” киин, “Илкэн” хаһыат кэлэктииптэрэ тэрийэн ыыппыттара дьиэ кэргэн, оҕо сылларын сабыллыытыгар хас биирдии кыттааччыга инникигэ өссө үрдүк ситиһиилэри, айар- тутар үлэлэригэр саҥаны, уратыны киллэрэллэригэр кыах биэриэҕэ. Өбүгэбит көскө тутта сылдьыбыт матаҕалара, суумкалара, саппыйалара, утахалара өссө да уһун үйэлэнэрин туһугар үлэлээн иис- уус алыбын, иҥиир сап субуллар, сүүтүк дьикти тыастарын иэйэр кут оҥостон өрөспүүбүлүкэ ааттаахтарын кытта күрэхтэһэн, Өлөөн үгэһэ утумун сүтэрбэккэ сылдьарыгар кыттыбыт маастардарбар махтанабын.
Надежда КОЛОДЕЗНИКОВА
Хаартыска: ааптар
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: