Өлөөн уһуйааныгар кырачааннар оһуохайдыыллар, таабырын таайсаллар
Уһук хотугу эргимтэҕэ сытар Өлөөн оройуонугар «Кэнчээри» оҕо сайдар киинин иһинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Эркээйи эргиирэ» пилотнай бырайыак үлэлиир.
Сыала-соруга оҕону кыра сааһыттан сахалыы тыыҥҥа иитии-үөрэтии, оскуолаҕа бэлэмнээһин. Манна нэдиэлэнэн, ыйдарынан аттарыллан араас дьарыктар ыытыллаллар. Бу барыта оонньуу киэбинэн ыытыллар буолан, оҕолор олус сөбүлүүллэр. Холобур, өбүгэлэрбит былыргы иһиттэрин-хомуостарын үөрэтэллэр, кэмиттэн-кэмигэр хатылыыллар. Өрөгөй ырыатын доргуччу ыллыыллар. Оһуохайдаан ойоллор, ыллыыллар-туойаллар, хоһоон ааҕаллар, таабырын таайсаллар. Ити курдук, иитээччилэр сахалыы ыраастык саҥарар, билиилээх-көрүүлээх оҕо иитиллэн, уһуйуллан тахсарыгар бары кыһамньыларын уураллар.
Алла Петрова,
«Кэнчээри» уһуйаан сэбиэдиссэйэ,
Өлөөн.
Хаартыскаҕа Сардаана Христофорова түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: