Өлөөн улууһугар ньоҕор балык күнүн бэлиэтиэхтэрэ

Share

Быйыл Өлөөн эбэҥки национальнай улууһугар төрдүс төгүлүн ньоҕор балык (тугунок) күнүн бырааһынньыктыахтара. Бу бырааһынньыгы аан маҥнай 2021 сыллаахха ууга, айылҕа баайыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, ону тэҥэ, хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар хаһаайыстыбаларын төрүт үгэстэрин сайыннарар соруктаах ыытыллыбыта.   

Өлөөн улууһун баһылыга Лена Иванова быйыл 23 хамаанда кыттарын иһитиннэрдэ. Кинилэр бары куонкурус балаһыанньатыгар олоҕуран хааччыллыбыт, тэриммит буолуохтаахтар.

“Бары сөбүлүүр балыкпыт, биллэрин курдук, ыраас өрүскэ үөскүүр, онон биһиги айылҕаҕа төһө сөпкө сыһыаннаһарбыт туоһутунан буолар, ону салгыы тутуһуохтаахпыт. Биһиги сорукпут – оҕону кыратыттан айылҕаҕа, уубутугар, айылҕабыт баайыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтиэхтээпит, хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар олохсуйан кэлбит үгэстэригэр сыһыарыахтаахпыт”, – диэн Өлөөн улууһун баһылыга этэр.

Нэһилиэнньэ сөбүлүүр бырааһынньыгар улууска бэлэмнэнии барбыта ырааппыт. Тэрийэр кэмитиэт үлэлиир хамыыһыйата бырааһынньык, күрэхтэһии, атыы-эргиэн ыытыллар миэстэтин бэлэмнээбит. Култуура управлениета бырааһынньыкка улахан суолталаах сиэр-туом чааһыгар бэлэмнэнэр.

“Өлөөн олохтоохторо ким сымсатын, үөрүйэҕин быһаарсаары, сатабылын көрдөрөөрү бу күнү сыллата кэтэһэллэр. Өрүү буоларыныы ыалдьыттары – Удачнинскайдааҕы ХБК, Мииринэйтэн, Дьокуускайтан алтыһар дьоммутун кэтэһэбит” – диэн Лена Иванова бэлиэтиир. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

10 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

10 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

10 часов ago