Өлөөн улууһугар сыа балык күнүн бэлиэтээтилэр
Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Өлөөн эбэҥки национальнай улууһугар оробуочай сырыытыгар олохтоохтору сыа балык күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыытылыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
«Бүгүн эһигинниин сыа балык күнүгэр баарбыттан истиҥник үөрэбин. Бу бэрт соторутааҕыта үөскээбит үтүө үгэс. Ол эрээри, бырааһынньык, кырдьык, уруккуттан биһиэхэ кэлбит. Манна олорор дьон – Сир саамай тыйыс усулуобуйатыгар олорор күүстээх дьон. Кинилэр сайдаллар, иннилэрин хоту баран иһэллэр. Ону таһынан, былыр – былыргыттан кэлбит норуоттарын үгэстэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Үгэһи тутуһалларын иһин, Өлөөн улууһун олохтоохторугар махтанабын», — диэтэ Айсен Николаев.
Үгэс быһыытынан үөрүүлээх быһыы – майгы кыттыылаахтара Имты диэн уот иччитин алгыһын сиэрин – туомун аастылар уонна Дилиһинчэ диэн төгүрүк үҥкүүгэ кытыннылар.
Эльдар Садовников.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: