Өлөөҥҥө муус анныгар сүппүт биир киһи өлүгэ булулунна

Share

Чэппиэргэ, сэтинньи 7 күнүгэр, Өлөөн улууһугар муус анныгар барбыт снегоход сириттэн 300 миэтэрэ тэйиччи биир сүппүт киһи өлүгүн буллулар.

Санаттахха, икки киһилээх снегоход айааннаан иһэн муус анныгар барбыта бу сыл сэтинньи 3 күнүгэр киэһэ булуллубута. Ол күнтэн ыла дьону көрдөөһүн үлэтэ саҕаламмыта.

Бүгүн биир киһи өлүгүн буллулар. Көрдүүр үлэлэри күүһүрдэргэ Быыһыыр сулууспа водолазтара көтүөхтэрэ.

«Ол сиргэ өрүс күүстээх сүүрүктээх. Эр киһи өлүгүн 300 миэтэрэ тэйиччи булбуттар. Өрүс мууһа сорох сиринэн тура илик, кыдьымахтаах. Биһиги водолазтарбыт анал уу анныгар көрөр камералардаахтар», — диэн Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга Иннокентий Андросов кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Өлүөхүмэҕэ көтөр пиэрмэтин тэрийдилэр

Олохтоох, иҥэмтэлээх аска-үөлгэ туох тэҥнэһиэ баарай. Маны таба өйдөөн, бырамыысыланнаска үлэтин хаалларан туран Александр Ощепков…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Чибирев: “Куорат баһылыгын үлэтэ дьокутааттар туруорар сыаналарыттан тутулуктаах буолуоҕа”

Дмитрий Чибирев, Дьокуускай куорат дууматын “ЛДПР” баартыйаттан дьокутаата: “Үөһэ турар уорганнарга үҥсэртэн атыннык мээргэ хайдах…

20 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Бары уруһуйдуубут» бырайыак Суотту дьонун түмтэ

СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев "Бары уруһуйдуубут" бырайыага Уус Алдан нэһилиэктэринэн уруһуй эйгэтигэр дьону-сэргэни, ыччаты көҕүлээн…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Евдокия Евсикова: «Дьокуускай уопута аһаҕас былаас биир кэлим систиэмэтэ көдьүүстээҕин этэр»

Бу туһунан СИА-ҕа Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Дьокуускай куорат…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Америка бэрэсидьиэнин быыбара: Трамп кыайыыта

Америка Холбоһуктаах Штаттарын бэрэсидьиэнин быыбарын бастакы түһүмэҕэ сэтинньи 5 күнүнэн түмүктэннэ. Сүрүн киирсии, үгэс быһыытынан,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: -43 кыраадыска тиийэ тымныйыа

Бу күннэргэ күммүт-дьылбыт хайдаҕый? Төһө тымныйарый? Ханна хаардыырый? Улуустарга үксүлэригэр бу күннэргэ кыралаан, соҕуруу, арҕаа…

2 часа ago