Өлөөҥҥө сэтинньи 23 күнүттэн тымныйда
Ааспыттааҕы күнү-дьылы билгэлииригэр Тускул Өлөөн улууһун күнэ-дьыла Саха сирин күнүн-дьылын оҥорор диэбитэ. Ол иһин, Өлөөн улууһун Харыйалааҕар хайдах күн-дьыл турарын туһунан сураспыппытыгар Надежда Колодезникова маннык хоруйу ыытта:
— Өлөөҥҥө урут баччаларга уһун тымныылар турар буоллахтарына, бу кэлин сылларга күһүн уһаан, улахан тымныылар ахсынньы, тохсунньу ыйдарга улаханнык бэлиэтэнэр буолан иһэллэр. Ол курдук, бу күннэргэ сылаас, хаар үллүктээх күн-дьыл тура сатаата. Бу сэтинньи ый 23 күнүттэн тымныйан, 43 кыраадыһы көрдөрдө. Хаар халыҥаан, көтөр-сүүрэр тохтоон, хонук сиригэр хорҕойор. Арай куруппааскы, куобах орох тэппит суола дыргыйан көстөр. Бөһүөлэк таһыгар эбэ арыытыгар, үрэх талахтарыгар суоллара элбэх. Көмнөх хаара мас төбөтүгэр ыйанан турара остуоруйа алыптаах түгэнин санатар.
Өлөөн эбэ харгылара сорох сирдэринэн баччааҥҥа диэри аһаҕас сыталлара сырыы-айан киһитигэр мэһэйдээх. Бу күннэргэ тыаллаах, чысхааннаах буолан синньигэс талахтар көмнөхтөрүн тэбэнэллэр. Ол да буоллар, кыһын син-биир бэйэтин кэлэр кэмигэр төһө да хойутаан кэллэр, тымныытын биллэрэр, тыалынан силбиэтэнэр.
Хаартыска: Н.Колодезникова ыытта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: