Өлөөҥҥө сэтинньи 23 күнүттэн тымныйда

Share

Ааспыттааҕы күнү-дьылы билгэлииригэр Тускул Өлөөн улууһун күнэ-дьыла Саха сирин күнүн-дьылын оҥорор диэбитэ. Ол иһин, Өлөөн улууһун Харыйалааҕар хайдах күн-дьыл турарын туһунан сураспыппытыгар Надежда Колодезникова маннык хоруйу ыытта:

— Өлөөҥҥө урут баччаларга уһун тымныылар турар буоллахтарына,  бу кэлин сылларга күһүн уһаан, улахан тымныылар ахсынньы, тохсунньу ыйдарга  улаханнык бэлиэтэнэр буолан иһэллэр. Ол курдук, бу күннэргэ сылаас, хаар үллүктээх күн-дьыл тура сатаата. Бу сэтинньи ый 23 күнүттэн тымныйан, 43 кыраадыһы көрдөрдө. Хаар халыҥаан, көтөр-сүүрэр тохтоон, хонук сиригэр хорҕойор. Арай куруппааскы, куобах орох тэппит суола дыргыйан көстөр.  Бөһүөлэк таһыгар эбэ арыытыгар, үрэх талахтарыгар суоллара элбэх. Көмнөх хаара мас төбөтүгэр ыйанан турара остуоруйа алыптаах түгэнин санатар.

Өлөөн эбэ харгылара сорох сирдэринэн  баччааҥҥа диэри аһаҕас сыталлара сырыы-айан киһитигэр мэһэйдээх. Бу күннэргэ тыаллаах, чысхааннаах буолан синньигэс талахтар көмнөхтөрүн тэбэнэллэр. Ол да буоллар, кыһын син-биир бэйэтин кэлэр кэмигэр төһө да хойутаан кэллэр, тымныытын биллэрэр, тыалынан силбиэтэнэр.

Хаартыска: Н.Колодезникова ыытта

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки…

35 минут ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

39 минут ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

55 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Телеграм-ханаалынан билсээри харчытын уордарбыт

Баан счетуттан уоруллубут 64 тыһыынча солкуобайы полиция  тута арыйда. ИДьМ-тын Саха сиринээҕи салалтатын полиция 1-кы…

1 час ago