Өлөксөөндүр Баһылайап: «Сомоҕо күүһүнэн өйүүбүт кыайыыны»
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкурус үһүс кыттааччыта Ньурба Чуукаарыттан Өлөксөөндүр Баһылайап:
СОМОҔО КҮҮҺҮНЭН ӨЙҮҮБҮТ КЫАЙЫЫНЫ
Аан дойду үрдүнэн хара дьай сабардаан,
Алдьархай ааҥнаабыт аймалҕан айдаана
Күннэри-түүннэри уйулҕа уйгуурдан,
Күн сирин курустук кууспахтаан эрдэҕиҥ.
Адьарай адьынат байартан топпокко,
Ымсыырбыт иҥсэтин кыатана туппакка,
Бырааттыы омугу утары туруортаан,
Сэриинэн суудайан силлиэрэ көттөҕүҥ.
Эр санаа күргүөмнүү күүһүрэр күөнүнэн
Саа-саадах тутаҥҥыт өстөөҕү самнара,
Дойдубут туһугар тыыҥҥытын кэрэйбэт
Бухатыыр Боотурдар мунньуста охсоҥҥут.
Уу-нуурал олоҕу, чуумпуну көмүскүү,
Сир-дойду үрдүнэн эйэни тутуһа,
Кырыктаах кыргыһыы уотуттан чаҕыйбат
Эрэллээх буойуттар айаҥҥа турдугут.
Билэбит биһиги — кырдьыкпыт килбэйиэ,
Бүтэйдии эрэнэр эрэлбит улахан,
Бар дьоҥҥут туһугар бардыгыт арҕаалыы
Бандера нассыыһын утары охсуһа.
Өрөгөй үөрүүлээх, улуукан кыайыылаах
Эргиллэн кэлээриҥ этэҥҥэ буолаҥҥыт.
Хаалбыттар түмсэммит сомоҕо күүһүнэн
Өйүүбүт кыайыыны уһансар дьоммутун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: