Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар
22.12.2024, 12:58
Хаартыска: "Якутскэнерго" ПАУо архыыбыттан
Бөлөххө киир:
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
Бу Ленскэйгэ тутулла турар Новоленскайдааҕы ТЭС, Чульманнааҕы Южно-Якутскай ТЭС, Нерюнгритааҕы ГРЭС (улаатыннарыы), Дьокуускайдааҕы ГРЭС иккис уочаратын, Уус Куйгаҕа дьоҕус кыамталаах атомной станцияны тутуу туһунан этиллэр.
«Маннык улахан бырайыактар ааспыт үйэ 90-с сылларыттан ыытылла иликтэр. Бу бырайыактар үлэҕэ киирдэхтэринэ бастатан туран, энэргэтиичэскэй куттал суох буолуутун хааччыйыахтара, 1000-тан тахса үрдүк хамнастаах үлэ миэстэтин таһаарыахтара», — диэн Ил Дархан эттэ.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: