Электроннай тылбаасчыт бырайыак уон бастыҥ идиэйэ кэккэтигэр киирбитэ

Share

Машиннай үөрэтиигэ олоҕуран эбэҥки тылын электроннай тылбаасчытын оҥорор уонна олоххо киллэрэр бырайыак былырыын Стратегическай көҕүлээһин агентствота ыытар “Сильные идеи для нового времени” пуорумҥа кыттан, Саха сиригэр 10 бастыҥ бырайыак кэккэтигэр киирбитэ.

Идиэйэ ааптара Николай Апросимов Саха сиригэр киэҥник биллэр Апросимовтар эбэҥки удьуордарын салҕааччы, күн бүгүн бу тылы билэр киһи аҕыйаан иһэр кыһалҕатын бэлиэтии көрөн, нууччалыыттан сахалыы электроннай тылбаасчыты оҥорорго ылсыбыттар.

— Бырайыакпыт былырыын Стратегическай көҕүлээһин агенствотын лиинньийэтинэн 233 сайаапкаттан Саха сиригэр 10 бастыҥ бырайыак кэккэтигэр киирбитэ. Стратическай көҕүлээһин агентствота ыытар “Сильные идеи для нового времени” пуорумҥа сайаапка ыытан, Саха сиригэр 10 бастыҥ бырайыак кэккэтигэр киирбиппит. Бастыҥ идиэйэлэри дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа билиһиннэрэллэр. Айсен Сергеевич биһиги үлэбитин үрдүктүк сыаналаабыта, бырайыак бары өттүнэн өйөнүөҕэ диэн эппитэ, салгыы сайдарыгар ирдэбилигэр чопчулааһыны киллэрэргэ сүбэлээбитэ, — диэн этэр.

Эдэр дьон өссө 2021 сыллаахха нуучча тылыттан эбэҥки тылыгар тылбаастыыр аан дойдуга соҕотох роботизированнай голосовой платформаны оҥорбуттар. Тустаах платформа баазатыгар босхо “AYANA” мобильнай сыһыарыыны таһаарбыттар. Бу нууччалыыттан эбэҥкилии тылбаастыыр, сэһэргэһиэххэ, хартыыналары көрүөххэ сөп, эбэҥкилии остуоруйалары кэпсиир.

Тылбаасчыты учууталлар оҕолору үөрэтэргэ, хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын, култуураларын үөрэтэргэ үөрэх хаачыстыбатын тупсарарга туһаныахтарын сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago