Электроннай сигаретаны оҕолорго атыылыыр бобулунна

Share

Муус устар 11 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуума электроннай сигареталары, вейптары 18 саастарын туола илик оҕолорго атыылыыры бобор туһунан сокуону ылынна. Бу туһунан “Известия” хаһыат суруйар.

Арассыыйаҕа 2020 сылтан никотиннаах бородууксуйаны сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго атыылыыр бобуллубута. Ол эрээри, 18 саастарын туола илик оҕолор 1 кыраамтан кыра никотиннаах электроннай сигаретаны ылаллара көҥүл курдук этэ. Оҕолорго уоран атыылыыр дьон эмиэ бааллар. Интэриниэтинэн эрэкэлээмэлээн баран, ханна эрэ болдьоһон, бэйэлэрэ тиийэн оҕолорго атыылыыллар эбит. Онон улаатан эрэр оҕолорго электроннай табаҕы тардыы муода курдук буолла.

Билигин оҕолорго никотина да суох вейп убаҕастарын атыылыыр бобулунна. Ону тэҥэ, маҕаһыыннар витриналарыгар вейп-бородууксуйа ойуутун көрдөрүү, социальнай ситимнэргэ эрэкэлээмэ, чэпчэтии эмиэ бобуллар.

Инникитин вейптары, убаҕастары интэриниэтинэн атыылыыры бобор туһунан сокуон барылын оҥорор былаан баар. Дьокутааттар этэллэринэн, оҕолору көмүскүөххэ наада. Электроннай сигарета ингалятор курдук, паарынан үлэлиир буолан, буортута табахтааҕар өссө улахан. Аҕыйах сылынан тыҥа, сүрэх-тымыр, ньиэрбэ ыарыылара үөскүүллэр. Ону тэҥэ, алдьаммыт вейп эстиэн да сөп. Биир оҕо айаҕар эстэн, бу уол улаханнык эчэйбитэ.

Бу ылыллыбыт сокуону толорботоххо, туох накаастабыл баарый? Сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго атыылаабыт дьон 20-40 тыһыынча солкуобайга ыстарааптаналлар. Дуоһунастаах дьоҥҥо ыстараап – 40-70 тыһыынча солкуобай, тэрилтэлэргэ – 150-300 тыһыынча солкуобай.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кэнсиэрдэрэ сэргэхтик ааста

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Биэс оҕо биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Айаҥҥа сэрэхтээх буолуҥ!

Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…

11 часов ago
  • Сыыппара
  • Үөрэх

ИТ-хайысханан үлэ булар чэпчээтэ

Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нерюнгри ыалдьыттары көрсөргө тэтимнээхтик бэлэмнэнэр

Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар  эппиэттээх исписэлиистэрэ,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Домофон уларытаары киирэн биэрбит

Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…

12 часов ago