Электросамокаттан эмсэҕэлээһин элбиир –2

Электросамокаттан эмсэҕэлээһин элбиир –2

22.06.2024, 14:30
Хаартыскаҕа Ульяна Захарова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Cаас муус устар ортотуттан саҕалаан кикшеринг өҥөтө Дьокуускайга эмискэ элбээбитэ. Уулусса устун дьон быыһынан, ардыгар массыына ааһар суолунан электросамокаттаах улахан дьон, оҕолор аһары түргэнник элэстэнэн ааһалларын бэлиэтии көрөбүн.

Хааччаҕы тутуспаттар

Электросамокаттар үөдүйүөхтэриттэн суол саахалыгар сааһын ситэ илик оҕолор түбэһиилэрэ элбээтэ. Бу барыта кинилэр суол быраабылатын тутуспаттарыттан тахсар. Электросамокат чааска 25 км.түргэнник барыа суохтаах, бу тэрилгэ иккилии буолан олорсуу, суолга тахсыы бобуулаах да, маны тутуһар киһи аҕыйах. Бэлисипиэти, электросамокаты суолу туоруурга үтэн туоратыллыахтааҕын, үгүстэр хайдах айаннаан испиттэрин кубулуппакка элээрдэн ааһаллар. Кинилэр бэйэлэрэ массыынаҕа киирэн биэриэхтэрин сөбүн таһынан, тротуар устун хааман иһэр дьоҥҥо-сэргэҕэ эмиэ сэрэхтээхтэр.

URA.RU сайт суруйарынан, дойду үрдүнэн электросамокаты ыытыыга хааччахтар үөскүөхтээхтэр. Билигин үгүс сааһын ситэ илик оҕо төрөппүтүн каартатын нөҥүө туһанан кикшеринг өҥөтүн туһанар. Ол курдук дойду үрдүнэн электросамокаттарынан дьарыктанар “МТС Юрент” уонна «Whoosh» кикшеринг хампаанньалара бааллар. Биһиэхэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр, «Whoosh» хампаанньа филиала үлэлиир. Бу хампаанньалар оҕо сааһынан эппиэттээбэт буоллаҕына, сатаан электросамокаты уларсар кыаҕа суох диэн бэрээдэги тутуһаллар.

Электросамокат былырыыҥҥыттан тырааныспар ахсааныгар киирбитэ. Суол быраабылатыгар тус пууннаах. Син биир тиэхиньикэ курдук, бу пууннары кэспит киһи ыстарааптанар. Ол эрээри күн бүгүнүгэр диэри ити пууну тутуспат киһи элбэх. Ол түмүгэр дьон-сэргэ эчэйиилээх суол быһылааннара күннэтэ тахсаллар.

«Whoosh» кикшеринг

Роман Бакулин, хампаанньа эрэгийиэннээҕи филиалын салайааччыта:

— “Whoosh” кикшеринг сервиһигэр суолу кэһии быраабылата бу сыл бастакы түөрт ыйыгар элбэҕэ суох. Сервис өҥөтүнэн туһанааччылар быраабыланы билэллэр уонна тутуһаллар. Электросамокат өҥөтүнэн туһанааччыларга ыстараап суумата уларыйбыта. Ол курдук 18 сааһын туола илик оҕо электросамокаты ыытар бырааба суох. Ыытар түгэнигэр ыстараап — 10 000 солк. иккилии буолан айаннааһын иһин 5000 солк. суолу туоруурга үтэн туораппатаҕын иһин — 1 000 солк. киһини түҥнэри көтүү, эчэтии, киһи бас билиитигэр хоромньуну оҥоруу иһин — 30000 солк. итирик туруктаах тиэхиньикэни ыытыы иһин — 100 000 солк.ыстараап оҥоһуллар. Бу ыстарааптар миэрэлэрэ бары дакаастаныахтаахтар. Ол туһуттан хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан баран быһылаан тахсыбыт күнүн, бириэмэтин барытын ыйыллыахтаах уонна ТГ ханаалга @Samokat_ru_bot ыытыахха сөп. Электросамокаты аан бастакытын ыытар киһи чааска 12 км. сылдьыахтаах.

Элбэх дьонноох тротуардарга, куһаҕан суолга арыый бытаарыахтаах. Саамай түргэнэ — чааска 25 км. сылдьыахтаах. Ол эрээри сорох куораттарга олохтоох дьаһалта быһаарыытынан, түргэнник сылдьыы чааска 20 км. тэҥнэһэр. Бу тиэхиньикэ аҥаардас хатааһылыырга эрэ буолбакка, үлэҕэ барарга-кэлэргэ, наадалары түргэнник ситэргэ уонна айылҕаҕа буортута суоҕунан табыгастаах. Суолга сааһын ситэ илик оҕолор бу тиэхиньикэнэн сылдьалларыгар төрөппүттэрин баан каартатынан туһаналлар.

Төрөппүттэр болҕомтолоох буолуҥ!

Дьокуускай куораттааҕы суолга-иискэ куттал суох буолуутун хааччыйар пропаганда старшай иниспиэктэрэ Владимир Ощепков:

— Бу сайыҥҥы дааннайынан, электросамокатынан сылдьыы түмүгэр биэс суол быһылаана тахсыбыта. Онтон иккитигэр сааһын ситэ илик оҕолор эмсэҕэлээһини ылбыттара. Бу аҥаардас электросамокат тэрилинэн саахалланыы түмүгэр тахсыбыт быһылааннар буолаллар. Биһиги хас өрөбүл ахсын рейдэ-

лэргэ сылдьан сэрэтэр үлэлэри ыытабыт. Билигин бэс ыйын 5 күнүттэн ый ортотугар диэри «Суол» диэн суһал-сэрэтэр эпэрээссийэ буола турар. Электросамокатынан сылдьан суол быраабылатын тутус-

пат буолууга күн ахсын уоннуу кэһиини иниспиэктэрдэрбит булаллар. Бу быраабыланы кэһии сүрүннээн суолу туорааһыҥҥа тахсар. Маны сэргэ, төрөппүттэргэ уонна электросамокатынан сылдьар улахан дьоҥҥо туһаайан этиэхпит этэ, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буоларга кыһаллыҥ. Суолга эһиги хайдах сылдьаргытын көрөн оҕолор үтүктэллэр.

Cанаалар

Ирина Андреевна, Дьокуускай, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

— Биһиэхэ туох саҥа кэлбит барыта сонун буолар. Ити электросамокат тэриллэр кэлиэхтэриттэн уулуссаҕа киһи холкутук хаамара кутталланна. Түҥнэри көтүөх курдуктар. Дьиҥэ хатааһылыыр оҕолорго туспа сирдээхтэрэ буоллар. Пааркаҕа эмиэ биир оннук, оччотугар биһиги, аҕам саастаахтар ханна салгын сиибит, холкутук хаамабыт?

Анна Федоровна, ийэ, Мэҥэ Хаҥалас олохтооҕо:

— Оҕолорбун куоракка пааркаҕа сырытыннардым. Электросамокаты оонньуур курдук санаан хатааһылаары хаайаллар. Куттанаммын уларсыбатым. Арааһа сааһынан хааччах суох дуу, хайдах дуу, мин көрдөхпүнэ, түргэнинэн матасыыкылга тэҥнээх курдук. ГАИ үлэһиттэрэ маны хонтуруоллуохтаахтар дии саныыбын.

Ларьяна Николаевна, ийэ, Дьокуускай куорат:

— Улаханнык биһирээбэт тиэхиньикэм. Бэлисипиэккэ, электросамокакка анаан туспа суол-иис наада буоллаҕа. Тротуарга дьону кытта тэҥҥэ сылдьаллара сөбө суох. Оҕону, дьону-сэргэни түҥнэри көтүөх курдуктар. Бастаан суол-иис оҥоһуллуохтаах.

Иван Тимофеевич, суоппар, Дьокуускай:

— Электросамокаттаах, бэлисипиэттээх дьон өссө массыына сылдьар суолугар тахсаллара баар ээ. Уматыгынан барбат буолла да оҕо тэбиэн, мииниэн сөп курдук сыыһа өйдөбүл баар. Суол-иис кыараҕас, тротуарга анал бэлисипиэт суола проспекка эрэ баар. Онон биһиги кыра куораппытыгар сөбө суох тэриллэр кэлбиттэр.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: