Елена Антонова: «Бэйэлэрэ баҕаран туран дьарыктанар оҕолор ситиһэллэр»
Бэс ыйа – эксээмэн кэмэ. Оҕолорго саамай эппиэтинэстээх күннэр үүнэллэр. Манан сибээстээн сүбэ ылар соруктаах СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына, В.П. Ларионов аатынан физика-тиэхиньиичэскэй лиссиэй нуучча тылын учуутала Елена Антонованы кытта кэпсэттибит.
БИИР КЭЛИМ ЭКСЭЭМЭН МАҤНАЙ КИИРИИТЭ
– Елена Васильевна, биир кэлим эксээмэн маҥнай киирэригэр тус бэйэҥ уонна оҕолор хайдах ылыммыккытый?
– Биир кэлим эксээмэн аан маҥнай киирэр сылыгар мин М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназияҕа нуучча тылын учууталынан үлэлии сылдьарым. Бастаан өрөспүүбүлүкэҕэ боруобалаан көрөр (пилотнай) соруктаах аҕыйах оскуола кыттыбыта. Гимназияҕа бүтүн Саха сириттэн үөрэххэ баҕалаах оҕолор мустар буолан, бастакы БКЭ үрдүк ситиһиилээхтик туттарбыттарыттан олус үөрбүтүм.
– Оччолорго бэлэм хоруйдардаах тест этэ буоллаҕа.
– Билигин биир кэлим эксээмэн систиэмэтэ биллэ уларыйда, лаппа уустугурдубуттар. Урут биир сорудаҕы 30 сөк. иһигэр толорор эбит буоллахтарына, билигин 3-4 мүн. тиийэ толкуйдууллар. Сорох оҕолор бытааннык үлэлииллэр, онон бэриллибит бириэмэттэн хаалымаары, өйтөн суруйууларын тута үрүҥ илиискэ түһэрэллэр. Бириэмэтин эбэллэрэ буоллар дуу дии саныыбын, төһө даҕаны 30 мүн уһаан, 3,5 чааска тэҥнэстэр, сорудахтары толкуйдуурга үгүс бириэмэ эрэйиллэр.
БКЭ ҮТҮӨ ӨРҮТЭ БЫҺАЙАР
– Тус бэйэҥ биир кэлим эксээмэни ордороҕун дуу, уруккулуу билиэт талан тылынан туттарары дуу?
– БКЭ үтүө өрүтэ элбэх. Нуучча тылыгар оскуола бырагырааматын бары хайысхатын барытын хабар. Ол иһин оҕо БКЭ бэлэмнэнэригэр билиитин барытын систиэмэлиир. Судургу орфограммалартан саҕалаан, уустук тиэкиһи кытта үлэҕэ тиийэ дьарыктанар. Оннооҕор Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ киирбитэ үчүгэйдээх. Бу, биир курдук учууталга, үөрэнээччигэ ноҕуруускалаах эрээри, иккис өттүнэн, оҕо сыл аайы туттарар түгэнигэр арыый бэлэмнээх буолуо дуу дии саныыбын.
БҮГҮҤҤҮ ЭКСЭЭМЭН ТУТТАРААЧЧЫЛАРГА
– Билигин эксээмэннэр номнуо ыытылла тураллар. Оҕолор тугу учуоттууллара ирдэнэр?
– Бастакытынан, кыһын устата тутуспут эрэсиимнэрин кэһиэ суохтаахтар. Үөрэх дьыла түмүктэннэ, эксээмэннэр эрэ хааллылар диэн ыһыктынан кэбиспэккэ, түүнүн сынньанан, сарсыардаттан үлэлииргэ бэлэм туруктаах туруохтаахтар.
Иккиһинэн, оҕо бу күннэргэ үргүөргэ сылдьыбакка, сөбүгэр таҥнан доруобуйатын көрүнүөхтээх. Төрөппүт эрдэттэн битэмииннэринэн, иҥэмтиэлээх аһынан хааччыйыахтаах. Уон биир сылы быһа үөрэммит билиилэрин саамай түмэр, көрдөрөр бүтэһиктээх эппиэтинэстээх күннэрэ үүннүлэр.
ҮРДҮК БААЛЫ ЫЛАР ТУҺУГАР
– Үрдүк баалы ылар туһугар оҕо эксээмэҥҥэ хайдах бэлэмнэниэхтээҕий?
– Муҥутуур үрдүк баалы соҕотохтуу дьарыктаммыт эрэ оҕо ситиһэр дии саныыллар. Оннук буолбатах, бэйэлэрэ баҕаран туран дьарыктанар оҕолор ситиһэллэр. Кинилэр онлайн уруоктары истэллэр, араас барыйааннары суоттууллар, саайтарынан эрчиллэллэр, хомуурунньуктары атыылаһан үлэлииллэр. Ону таһынан, дьиэлэриттэн ханна да ыраах тэлэһийбэккэ олорон дойду киин куораттарын үрдүк үөрэҕин кыһаларын куурустарыгар, онлайн оскуолаларга үөрэнэллэр эбэтэр тиэмэлэринэн бэлэм онлайн уруоктары истэллэр.
Биһиги лиссиэйбит оҕолору өйөөн, биир кэлим эксээмэҥҥэ бэлэмниир куурустары тэрийэр. Бу кууруска суруйтарбыт оҕо нэдиэлэҕэ үс чаас эксээмэҥҥэ эбии бэлэмнэнэр. Үөрэҕин кыайбат оҕо эрэпэтиитэрдэнэр дии саныыллар эрээри, күүстээх үөрэнээччини эбии эрчийээри төрөппүттэр эрэпэтиитэр өҥөтүнэн эмиэ туһанааччылар. Оҕо туох сыалы туруорунарыттан, туох баҕалааҕыттан тутулуктаах. Аныгы кэмҥэ үөрэнээччи сайдар кыаҕа киэҥ, ити кэми таба туһанан төрөппүт оҕотун өйүүрэ наада.
НУУЧЧА ТЫЛЫГАР АЛҔАСТАР
– Нуучча тылын эксээмэнигэр оҕолор үксүн туохха сыыһалларый?
– Саха оҕолоро тестовай чааһын сөпкө толорон баран, өйтөн суруйууга үксүн саҥа (речевой) уонна кырамаатыка (грамматическай) чааһыгар сыыһаллар. Тулалыыр эйгэҕэ сыыһа-халты саҥарыы баарын оҕо истэ үөрэнэн, ону сөптөөх курдук ылынар түгэннэрэ элбэх. Аныгы кэмҥэ өссө төлөпүөн, куйаар ситимин тыла эбилиннэ, онно бэйэтэ туспа тыл үөскээтэ.
Түмүктээн эттэххэ, Саха сирин оскуолаларыгар нуучча тылын үөрэтии таһыма үчүгэй. Ону биир кэлим эксээмэҥҥэ 100 баалы, 90-тан тахсалыы баалы араас оскуола үөрэнээччилэрэ ситиһэллэринэн даҕаны сыаналыахха сөп. БКЭ үрдүк баалы ылыы оҕо үөрэххэ талаһыытыттан, көтүппэккэ үөрэнэриттэн уонна доруобуйатыттан тутулуктаах. Бу үс суол тэҥинэн тутуһуллар түгэнигэр ханнык баҕарар оҕо эксээмэни этэҥҥэ туттарар кыахтаах.
ТӨРӨППҮТТЭРГЭ СҮБЭЛЭР
– Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Кыра кылаастартан саҕалаан оҕо үөрэҕин көтүппэтин курдук болҕомтолоохтук сыһыаннаһар ирдэнэр. Бэһис кылааска хатылааһын эбит буоллаҕына, алтыс кылаастан саҕалаан ыараан барар, сэттискэ хаһан да үөрэппэтэх тиэмэлэригэр киирэллэр. Ити кэмҥэ оҕо үөрэҕин көтүттэҕинэ, бэйэтэ үөрэтэн билэрэ, иҥэринэрэ уустуктардаах.
Оҕо доруобуйатыттан улахан тутулуктаах. Ыалдьар оҕо үөрэҕин элбэхтик көтүтэр. Холобур, 5-6-с кылаастарга нэдиэлэҕэ биэс-алта чаас көрүллэр. Биир нэдиэлэ үөрэммэтэ да, биир улахан тиэмэттэн хаалар, ити кэлин охсуулаах буолар. Оҕо бэһис-сэттис кылаастарга ситэ үөрэммэтэх, ол кэмҥэ билиини ылбатах түгэнигэр 11-с кылааска тахсан ыарырҕатар. БКЭ 17-18 саастаах оҕолорго анаммытын быһыытынан, орто кылаастарга үөрэппит тиэмэлэрэ дириҥэтиллэн, кэҥэтиллэн кэлэллэр. Аны 8-9-с кылаастарга көтүтүүлээх оҕолор синтаксис тиэмэтигэр доҕолоҥнууллар. Онон бүтэһик эксээмэннээх сылга эрэ бэлэмнэнэн үчүгэй көрдүүрүнү ылыам дии саныыр сыыһа. Ол аата, оҕо биир кэлим эксээмэҥҥэ бэһис кылаастан саҕалаан систиэмэлээхтик үөрэнэрэ ирдэнэр, оччоҕо эрэ үрдүк көрдөрүүнү ситиһэр кыахтаах дии саныыбын.
Нуучча тыла – булгуччулаах биридимиэт. Оҕо ханнык да идэҕэ туттарыстын (физкултуура, саха тыла, инженер, АйТи) – барытыгар нуучча тылын эксээмэнэ ирдэнэр. Ону өйдөөн туран оҕо нуучча тылыгар эрдэттэн эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах.
Идэҕэ туһаайар үлэни билигин оскуолалар күүскэ ыыталлар. Бэйэм салайар кылааһым холобуруттан билиһиннэрэ түһүөхпүн сөп. Кылааспытыгар араас идэлээх дьону ыҥыран кэпсэтии тэрийэбит, Дьокуускай куоракка баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар сылдьабыт, тэрилтэлэргэ миэстэтигэр тиийэн билсэбит. Ону таһынан, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатар инниттэн бэһис-алтыс кылааска үөрэнэр сылларыгар Москва, Санкт-Петербург куораттарга күүлэйдээн кэлбиппит. Идэҕэ туһаайар үлэни манна кыралаан киллэрбитим. Сакалаат, харыйа оонньуурун оҥорор фабрикаларга, Императорскай фарфоровай собуокка сылдьыбыппыт. Баҕар, бу оҕолор кэлин Саха сиригэр кэлэн урбааны сайыннарыахтара эбээт.
7-с кылааска үөрэнэр сылларыгар Казань куоракка бара сылдьыбыппыт. Оҕолор үгүстэрэ ити саастарыгар суолларын быһаарына иликтэрин быһыытынан мэдиссиинэ, тиэхиньиичэскэй, гуманитарнай үрдүк үөрэхтэргэ, Казаньнааҕы федеральнай университет тас дойдулар сыһыаннаһыыларын институтугар, о.д.а. үөрэх кыһаларын кытта билсибиппит, Саха сиригэр көтөр МИ-8 бөртөлүөттэри оҥорор собуоту көрбүппүт.
Тохсус кылаас кэнниттэн ханнык идэни баһылыахтарын баҕараллара биллибитин кэннэ, аны ханнык үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр киирэллэрин быһаарыналлара ирдэнэр. Ол иһин 10-с кылааска Москва, Санкт-Петербург куораттарга тиийэн, бу сырыыга чопчу үрдүк үөрэх кыһаларын билиһиннэрбиппит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: