Салгыы
Елена Кутукова: “Сөбүлүүр идэбэр таба тайаныым – дьылҕам бэлэҕэ”

Елена Кутукова: “Сөбүлүүр идэбэр таба тайаныым – дьылҕам бэлэҕэ”

12.05.2024, 14:00
Хаартыскалар Елена Кутукова тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

«Олоҕо табыллар киһиэхэ кэмэ кэллэҕинэ, аартыга, олох аана бэйэтинэн аһыллан иһэр» дииллэрэ оруннаах. Ол холобурунан бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев «Үлэ киһитэ» бириэмийэтигэр тиксибит Нам улууһун эрэ буол­бакка, өрөспүүбүлүкэ култууратын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит,  бу эйгэҕэ олоҕун 50 сылын анаабыт Елена Кутукова буолар.

Соһуччу түгэн

Сэбиэскэй кэм оскуолатын биир алҕаһа – билиҥҥи курдук оҕону анал идэҕэ уһуйуу суоҕа. Ол да иһин буолуо, үгүс оҕо доҕотторун “батыһан” араас үөрэххэ киирбит холобура үгүс. Кинилэртэн ким эрэ түбэ­һиэх талбыт үөрэҕин сөбүлээн, үлэһит бэрдэ буола үүнэрэ. Үгүстэрэ идэлэрин сыыһа талбыттарын өйдөөн, үөрэхтэриттэн тохтуурга күһэл­лэр түбэлтэлэрэ эмиэ баара. Лена Атласова эмиэ оҕолору “батыһан”, СГУ Тыа хаһаайыс­тыбатын факультетыгар бэтэринээр идэтигэр үөрэнэ киирбит. Онно үөрэҕин ылыммакка, уурайан, дойдутугар тии­йэн уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээбит. Онтон … соһуччу түгэн тосхойор. Куоракка наадатыгар кэлэн, биир ардах­таах күн икки этээстээх мас дьиэ аттыгар оп­­туобус тохтобулугар турдаҕына, дьүөгэтэ соһуччу түбэһэ кэлэн, “манна  ырыаҕа үөрэтэллэр, киирэн туттарсан көрүөххэ” диэн ыҥыр­быт. Киирэн эк­­сээмэн тутар учууталга «Чох хара түүммүт уһунуон…» диэн былыргы билэр ырыатын ыл­­лаабыт. Туттарсыытын түмүгүн болдьообут күннэригэр кэлэн билбитэ – киирбит!

Кэлин өйдөөбүтэ, «хормейстер» диэн идэҕэ үөрэнэ киирбит эбит. “Фортепиано, дирижирование, баян, сольфеджио, хоровой кылаас уруок­тарыгар ис сүрэхпиттэн сөбүлээн дьарыктанан, туйгуннук үөрэммитим. Хормейстер идэлээх биэс оҕону салгыы Хабаровскайдааҕы култуура институтугар ыыппыттара. Ити курдук, Дьокуускайга уонна Хабаровскайга икки улахан хамыыһыйаны ааһан, институт устудьуона буолбутум”, – диэн кэпсиир сэһэргэһээччим. Тыа сирин ыччатыгар айар аартыга итинник аһыллыбыта.

Хаартыскалар Елена Кутукова тус архыыбыттан.

Үлэ түмүгэ

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Елена Кутукова улууһугар ааттаах-суоллаах кэлэк­тииптэри тэрийдэ, ыччаттары киэҥ эйгэҕэ таһаарда.

–  «Ньургуһун»  хор кэлэк­тиибин 35-с сылбын сала­йабын. Сыл аайы ыытыллар күрэхтэргэ кытыннаран, өрүү миэстэлэһэн, таһыммытын түһэрбэккэ сылдьабыт. «Дьүөгэлэр» ансаамбылым аан дойду таһымыгар тиийэ кыттан, Арассыыйа, Саха сирин аатын дорҕоонноохтук ааттаппыппыт. Бэйэм оҕом курдук саныыр ансаамбылым тэриллибитэ 32-с сылын бэлиэтээтэ. «Дьүөгэлэрим» таһынан, «Нарыйаана» диэн иккис ырыа ансаамбылын тэрийбитим. Кыргыттарым өрөспүүбүлүкэ таһым­наах күрэхтэргэ өрүү кыттан, лауреат, дипломант буолаллар. Намҥа ыллыыр талааннаах эр дьон үгүс. «Эҥсиэли уолаттара ыллыыллар» диэн Намтан төрүттээх, Намҥа олорор талаан­наах эр дьону мунньан кэнсиэр­гэ кытыннарбытым быйыл 8-с сыла. Оттон СӨ норуодунай артыыһа Александр Емельянов, эдэр ырыаһыттар Кирилл Матвеев, Петр Попов, Иннокентий Татаринов салайар «Махсыым уолаттара» ансаамбыл ааттара өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр буоллулар”, – диэн киэн тутта кэпсиир “Үлэ киһитэ” бириэмийэ хаһаайына.

Хаартыскалар Елена Кутукова тус архыыбыттан.

Сэдэх идэ

Елена Александровна “үлэбиттэн сотору кэминэн уура­йан бочуоттаах сынньалаҥҥа барыахпын баҕарабын да, солбуккун бул” дииллэр диэн эппитигэр, “итиччэ элбэх кэлэктииптэн бэйэҕин солбуйар киһини ииппитиҥ буолуо?” диэбиппэр, “хомойуох иһин, мин идэм сэдэх идэнэн буолла…” диэн хоруйдаата. Култуура бэтэрээнэ бэлиэтииринэн, “хормейстер” идэлээхтэр бааллар эбит эрээри, аныгы үйэҕэ дьону хорга ыллатарга түмүү олус уустугурбут. Кырдьыга да, оннук буоллаҕа. Билигин көмпүүтэр үйэтэ буолан, кулуупка дьону мунньар кыаллыбат буолбута ыраатта.

– Ыччат бу идэни олох талбат. Аныгы үйэ оҕотун дизайнер, программист, менеджер идэлэрэ умсугутар, – диэн бэлиэтиир сэһэргэһээччим.

Хаартыскалар Елена Кутукова тус архыыбыттан.

Чиэс уонна бочуот

“Үлэ киһитэ” бириэмийэҕэ тиксиитин Елена Александровна “таптыыр идэбэр таба тайаныым дьылҕам бэлэҕэ буолан, “аны үлэм түмүгүн муҥутуур чып­чаалын быһыытынан ылынным” диэн киэн тутта кэпсиир.

– Ил Дархан Айсен Ни­колаев норуот хаһаайыс­ты­батын бары салааларын үлэһиттэрин, табаһыттан саҕалаан, хормейстерга тиийэ сыаналаан, маннык бириэмийэни анаабыта, кырдьык да, үлэтигэр бэриниилээх киһиэхэ олус улахан чиэс уонна бо­­чуот. Үлэбин көрө-истэ сылдьар улуустаа­ҕы култуура управлениетын, Култуура министиэристибэтин салалталарыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин, – диэн санаатын үллэһиннэ Елена Александровна.

50 сыл устата биир идэҕэ үлэлээбит киһи ситиһиитин бэрт кылгастык суру­йан кэбиһэр кыаллыбат. Биэс оҕо ийэтин, 16 сиэн, биир хос сиэн эбээтин тус олоҕо – бэ­­йэтэ киинэ курдук кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри билигин кэлэн санаа­тахха, арай ол 60-ча сыллааҕыта, ардахтаах күһүн оп­­туобус тохтобулугар дьүөгэтэ соһуччу түбэһэ кэлэн, икки этээс­тээх мас дьиэҕэ киллэрбэтэх буоллун? Олох суолугар саҥа үктэнэн эрэр Лена Атласова дьылҕата хайдах салаллыа эбитэ буолла?

Хаартыскалар Елена Кутукова тус архыыбыттан.

ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ «Бастыҥ култуура үлэһитэ» үрдүк бэлиэ хаһаа­йына, Нам улууһун уонна Ленскэй, Таастаах нэһилиэк­тэрин бочуоттаах олох­тооҕо, Нам улууһун култууратын бочуоттаах үлэһитэ – ити курдук Елена Кутукова суолта­лаах ааттарын ааттыы турдахха, хаһыат балаһатыгар баппат үгүс. Аны манна “Үлэ киһитэ” бириэмийэ наҕараадатын эбэн кэбис. Үлэттэн дьолломмут киһи бириэмийэтин “аны күһүн сиэним сыбаайбалыах­таах, өрөспүүбүлүкэм салалтатын бэлэҕин өйдөөн хаалар гына ыраах дойдуга барар айаммар туттуом” диэн бы­­лаанныыр.

Елена Александровнаҕа “айар аартыгыҥ өссө да арыллан, олоххор ситиһии сиэттиспинэн кэлэн истин!” диэн “Саха сирэ” хаһыат кэлэктиибэ алгыһын ыытар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: