Елена Лисовенко: «Уус Маайа олохтоохторо туох кыалларынан көмөнү оҥороллор»

Елена Лисовенко: «Уус Маайа олохтоохторо туох кыалларынан көмөнү оҥороллор»

Ааптар:
27.11.2022, 12:30
Бөлөххө киир:

Быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга уонна бэйэ баҕатынан барбыттарга гуманитарнай көмөнү оҥорууга дойдубут бары кэриэтэ олохтоохторо кытталлар. Уус Маайа улууһун дьоно-сэргэтэ онтон туора турбат. Оройуоҥҥа гуманитарнай көмө пуунун үлэтин Елена Викторовна Лисовенко кэпсээтэ.
— Уус Маайа бөһүөлэгэр «Бизнес-инкубатор» баазатыгар нэһилиэнньэттэн гуманитарнай көмөнү тутар пууну аспыппыт. Манна Пушкин уулуссатын 2-гэр үлэ чааһын кэмигэр араас эми-тому, аһы-үөлү, суунарга-тараанарга наадалааҕы, сылаас таҥаһы-сабы, көмүскэнэр тэрили тутан, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоммутугар тиэрдии үлэтэ бара турар. Көмөнү оҥоруу бары боппуруостарыгар олохтоохтор уонна биир дойдулаахтарбыт 8-924-171-90-18 нүөмэринэн Лисовенко Елена Викторовнаҕа сибээскэ тахсыахтарын сөп.
Ол курдук, бу пууҥҥа биһиги гуманитарнай көмөҕө анаан сылаас билиис көстүүмнэри, сылаас атах таҥастарын, угунньалары, утуйар мөһөөччүктэри, охсууттан, эчэйииттэн көмүскүүр тобукка, тоҥолоххо кэтэрдэри, банаардары, ичигэс ис таҥаһы, наскылары, кааска иһинэн кэтэргэ сөптөөх ичигэс баайыы бэргэһэлэри, балаклавалары, бэрчээккилэри, бинокллары, тиэримэстэри, эмтэри, уһуннук хараллар аһы-үөлү, о.д.а. наадалаахтары тутабыт. Бу кэмҥэ биэс байыаннай сулууспаҕа сылдьар дьоммутугар көмөбүтүн тиксэрдибит. Бу уустук кэмнэргэ ыраах Уус Маайа олохтоохторо туох кыалларынан көмөнү оҥорсо, өйөбүл-тирэх буола олоробут.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: