Елена Малышева Кэбээйи соботун хайҕаата
Пиэрибэй ханаалга “Жить здорово” биэриигэ «Гастрономическай карта России” рубрикаҕа Кэбээйи соботун туһунан кэпсээтилэр. Ыытааччы Елена Малышева собону бэркэ хайҕаата.
Устуудьуйаҕа, чахчы, Кэбээйи соболоро кытаран-наҕаран, лиһигирэһэн сыталлар. Ону тэҥэ, ыһаарыламмыт собону таһааран, амсайдылар, туох туһалааҕын кэпсээтилэр. Муҥха туһунан сюжеты көрдөрдүлэр.
— Саха сиригэр Кэбээйи улууһугар биир улахан күөл баар, Иван Грознай саҕаттан бөдөҥ соботунан биллэр. Ыраахтааҕыларга тыыннаах собону буочуканан тиэрдэллэрэ үһү. Айылҕаҕа, ыраас ууга көҥүл сылдьан, оннооҕор кыһыннары аһыыр буолан, көрүҥ эрэ, бу собо хайдах курдук улаханый, эмиһий?
Сэтинньигэ Саха сиригэр муҥха диэн балыктааһын буолар эбит. Муораҕа курдук, балыгы күрдьэҕинэн баһаллар. Хас да үйэ тухары, сыл аайы маннык сүүһүнэн куулу балыктыыллар да, соболоро бүппэт эбит, баһаллар да баһаллар!.
Мэдиссиинэ өттүттэн көрдөххө, бу балык – бүтүннүү белок, ону тэҥэ, уратыта диэн, селен баар. Киһи организмыгар селен быычыкаайык, микродозата хайаан да баар буолуохтаах. Ол онтон киһи доруобуйата тутулуктаах. Холобур, искэн ыарыылаахтарга селеннара суох буолар. Искэн килиэккэлэрэ олохпут тухары син биир үөскүүллэр, ону иммуннай систиэмэ булан, суох гынан иһэр. Селен онуоха көмөлөһөр. Онон селеннаах аһы сиэхтээхпит. Собо олус туһалаах ас, — диэн кэпсээтилэр.
Биэриигэ биллэр шеф-повар, «Вкусы Якутии» гастрономическай бэстибээл кыайыылааҕа Николай Атласов ыалдьыттаабыт. Кини собо туһатын, хайдах астанарын туһунан кэпсээбитэ, көрдөрбүтэ, амсаппыта. Бу биэрии былырыын сэтинньигэ көстүбүт. Онтон видеота быйыл «батсаабынан» тарҕана сылдьар.
Собоҕо туһалаах аминокислоталар, фосфор, хром, дьуот, алтан, А, С, D, Е, В битэмииннэр, сыатыгар Омега-3 бааллар. Минньигэс эрэ буолбатах, олус туһалаах ас буолар. Ордук оҕолорго, хат дьахталларга, сааһырбыт дьоҥҥо эмис собону сиэтиллиэхтээх.
Саха сирэ собонон баай буолан, былыр-былыргыттан төрүт аспыт буоллаҕа. Сут дьылларга собо саханы элбэхтик быыһаабыта. Онон, муҥха кэмигэр собону элбэхтик сиэн хаалыаҕыҥ, доруобай буолуоҕуҥ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: