Елена Малышева Кэбээйи соботун хайҕаата

Share

Пиэрибэй ханаалга “Жить здорово” биэриигэ  «Гастрономическай карта России” рубрикаҕа Кэбээйи соботун туһунан кэпсээтилэр. Ыытааччы Елена Малышева собону бэркэ хайҕаата.

Устуудьуйаҕа, чахчы, Кэбээйи соболоро кытаран-наҕаран, лиһигирэһэн сыталлар. Ону тэҥэ, ыһаарыламмыт собону таһааран, амсайдылар, туох туһалааҕын кэпсээтилэр. Муҥха туһунан сюжеты көрдөрдүлэр.

— Саха сиригэр Кэбээйи улууһугар биир улахан күөл баар, Иван Грознай саҕаттан бөдөҥ соботунан биллэр. Ыраахтааҕыларга тыыннаах собону буочуканан тиэрдэллэрэ үһү. Айылҕаҕа, ыраас ууга көҥүл сылдьан, оннооҕор кыһыннары аһыыр буолан, көрүҥ эрэ, бу собо хайдах курдук улаханый, эмиһий?

Сэтинньигэ Саха сиригэр муҥха диэн балыктааһын буолар эбит. Муораҕа курдук, балыгы күрдьэҕинэн баһаллар. Хас да үйэ тухары, сыл аайы маннык сүүһүнэн куулу балыктыыллар да, соболоро бүппэт эбит, баһаллар да баһаллар!.

Мэдиссиинэ өттүттэн көрдөххө, бу  балык – бүтүннүү белок, ону тэҥэ, уратыта диэн, селен баар. Киһи организмыгар селен быычыкаайык, микродозата хайаан да баар буолуохтаах. Ол онтон киһи доруобуйата тутулуктаах. Холобур, искэн ыарыылаахтарга селеннара суох буолар. Искэн килиэккэлэрэ олохпут тухары син биир үөскүүллэр, ону иммуннай систиэмэ булан, суох гынан иһэр. Селен онуоха көмөлөһөр. Онон селеннаах аһы сиэхтээхпит. Собо олус туһалаах ас, — диэн кэпсээтилэр.

Биэриигэ биллэр шеф-повар,  «Вкусы Якутии» гастрономическай бэстибээл кыайыылааҕа Николай Атласов ыалдьыттаабыт. Кини собо туһатын, хайдах астанарын туһунан кэпсээбитэ, көрдөрбүтэ, амсаппыта. Бу биэрии былырыын сэтинньигэ көстүбүт. Онтон видеота быйыл «батсаабынан» тарҕана сылдьар.

Собоҕо туһалаах аминокислоталар, фосфор, хром, дьуот, алтан,  А, С, D, Е, В битэмииннэр, сыатыгар Омега-3 бааллар. Минньигэс эрэ буолбатах, олус туһалаах ас буолар. Ордук оҕолорго, хат дьахталларга, сааһырбыт дьоҥҥо эмис собону сиэтиллиэхтээх.

Саха сирэ собонон баай буолан, былыр-былыргыттан төрүт аспыт буоллаҕа. Сут дьылларга собо саханы элбэхтик быыһаабыта. Онон, муҥха кэмигэр собону элбэхтик сиэн хаалыаҕыҥ, доруобай буолуоҕуҥ!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 19 күнэ

Күн-дьыл туруга хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы гидрометеорологическай сулууспа тугу иһитиннэрдэ? Соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин, илин, хотугулуу-илин кыралаан ардыа, инчэҕэй…

21 секунда ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Түмэл түүнэ» үгүс дьону түмтэ

Емельян Ярославскай аатынан түмэлгэ Аан дойдутааҕы түмэл күнүгэр анаммыт ''Түмэл түүнэ'' тэрээһиҥҥэ элбэх интэриэһинэй экскурсиялар,…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нам улууһун сорох нэһилиэктэригэр уу таһыма үрдүк

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар халаан туругун ыам ыйын 18 күнүгэр ыксаллаах балаһыанньаны  сэрэтиигэ уонна туоратыыга хамыыһыйа мунньаҕар…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр балаһыанньа билигин да уустук

Халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр ахсааннарыгар урут хаһан да киирбэтэх Хатырык  нэһилиэгэ улахан ууга ылларан, олохтоохтору…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Нам улууһугар «Библионочь-2024» Дьиэ кэргэн сылыгар ананна

Ыам ыйын 17 күнүгэр Нам улууһугар «Библионочь-2024» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аммаҕа «Сэдэх экспонаттар» быыстапка буолла

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн Түмэл күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Амматааҕы…

13 часов ago