Елена Прокопьева: «Эн бардыҥ»
“Саха сирэ” хаһыат (sakha-sire.ru) хорсун-хоодуот буойуттарбытыгар анаан, дойдуга бэриниилээх буолууга иитэр соруктаах хоһоон куонкуруһун биллэрбитэ.
Куонкурус бастакы кыттааччыта Мэҥэ Хаҥаластан Елена Прокопьева:
Эн бардыҥ
Эн бардыҥ хараҥа күүстэртэн
Дойдугун көмүскүүр ыралаах,
Эр хааҥҥын киллэрэн, дьэ тэптэн
Дьоруойдуу охсуһар санаалаах.
Эн бардыҥ бэтэрээн саллааттар
Бойобуой суолларын хайаҥҥын,
Эр бэрдэ, мохсоҕол буойуттар
Быыраттар охторун тутаҥҥын!
Эйигин атаарда бар дьонуҥ
Арчылыыр алгыстаах тылынан,
Эйигин атаарда доҕоруҥ
Арыылаах алаадьы аһынан.
Сүүс араас омуктуун биир сыалга —
Дойдуну өстөөхтөн быыһыырга
Сэргэхтик турдугут, уолаттар,
Дьорҕооттук кимтигит, боотурдар!
Биһиги эрэнэн күүтэбит,
Барыгыт туһугар үҥэбит,
Кыайыылаах эргиллэн кэлиэххит,
Кырдьык даа өрүөллэр дэтиэххит!
Елена Прокопьева, Мэҥэ Хаҥалас, Хочо
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: