Елена Сергеева-Румянцева кыттыылаах саҥа испэктээккэ көрөөччүлэри күүтэллэр
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра сэтинньи 18, 19 күннэригэр Арассыыйа үтүөлээх, Саха норуодунай артыыската Елена Сергеева-Румянцева үбүлүөйүгэр анаан, Освальд Заградник пьесатынан “Охсор чаһыы дуораана” диэн испэктээк премьератыгар ыҥырар.
Аҕа саастаах көлүөнэ эдэр дьоннуун мөккүөрэ икки атахтаах үөскүөҕүттэн баар. Кэм-кэрдии түргэн тэтимин тилэх баттаһар балысхан сайдыы үйэтигэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үтүө үгэһи утумнуур ситим кэнчээри ыччакка салҕанан бара туруо дуо? Ол кимтэн, туохтан тутулуктааҕый?
Дыраама-кэмиэдийэ туруорааччы-режиссера: СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Руслан Тараховскай.
Сценография уонна көстүүмнэр: РФ уонна СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Лена Гоголева.
Уотунан киэргэттэ Трофим Акимов.
Муусуканан киэргэттэ Александр Решетников.
Үҥкүүлэри туруорда: СӨ үтүөлээх артыыската Изабелла Егорова.
Оруолларга оонньуохтара: Кирилл Семенов, Елена Сергеева-Румянцева, Михаил Семенов, Михаил Апросимов, Куприян Михайлов, Эдуард Захаров, Василий Романов, Юлия Санникова, Нарыйа Колесова.
Үҥкүүгэ кытталлар: Ньургун Никитин, Григорий Иванов, Петр Домотов, Сандаара Федотова, Аида Еремеева, Айаана Егорова.
(Саха тыйаатырын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: