“Күүлэт” производственнай кэпирэтиип хаһаайыстыбатыгар чугаһаан иһэн, аҥардас хотоннорун тутуутуттан да, кыахтаах хаһаайыстыбаҕа кэлбиккин сэрэйэҕин.
Бүлүү улууһун 1-кы Күүлэт нэһилиэгин киэн туттуутунан «Күүлэт» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ буолар. Бүлүү улууһугар командировкам кэмигэр Елена Тутукарова салайар «Күүлэт» ТХПК-та быйылгы кыстыгы хайдах туораан эрэрин билсэ, кэпэрэтиип хотонугар анаан тиийэ сылдьыбытым.
Сүөһүнү көрүүгэ биригээдьиир Саргылаана Григорьева бүгүҥҥү күннээх үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрбитинэн, уустук кыстык ааспыт — от тиийбэккэ, атыыласпыттар. Пиэрмэлэргэ 30-ча киһи үлэлиир. Хотоҥҥо түөрт ыанньыксыт 30-туу ынаҕы күҥҥэ үстэ ыыр. 120 тн үүтү арыы сыаҕар туттаран, сүөгэй, арыы буолан тахсар.
Ыанньыксыт, пиэрмэ ыстаарсайа Маргарита Константинова кэпсииринэн, үлэ чааһа сарсыарда 6 чаастан саҕаланар. Ынах ыаһына, саах күрдьүүтэ, от киллэриитэ — барыта мэхэньисээссийэ үлэтэ. Күҥҥэ биир ынахтан 10 кг үүтү ыыллар эбит.
Хаһаайыстыбаны кытта билсэр кэммитигэр кэпирэтиип салайааччыта Елена Тутукарова Бүлүү куоратыгар киирбит буолан, таба туппатаҕым. Салайаччылыын кэлин төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым.
— Елена Петровна, эн салайар хаһаайыстыбаҥ Бүлүү улууһугар биир тарбахха баттанар тахсыылаахтык үлэлиир тэрилтэ. Кэпирэтииби эн хаһааҥҥыттан салайаҕыный?
— Сэбиэскэй кэм саҕана Күүлэт нэһилиэгэр “Күүлэт” сопхуос биир тахсыылаахтык үлэлиир отделениета этэ. 1993 сыллаахха Күүлэт түбэтин сопхуоһа ыһыллыбыта. 1999 сыллахха Күүлэт нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, сүөһү биригэдьиирэ Николай Иванов быстан-эстэн эрэр хаһаайыстыбаны сөргүтэн, саҥалыы тыыннаан өрүһүйбүтэ. 90-с сылларга саамай уустук кэм этэ. Сопхуос саҕаттан нолуокка иэс ”соһуллан” кэлэн, этэргэ дылы, килиэп туһугар эрэ үлэлиир кэм этэ. Онтон Николай Иванович ыалдьан хаалан, хаһаайыстыбаны салайарга миигин талбыттара. Оччолорго 2013 сыллахха 360 төбө ынах сүөһүнү илиибэр ылбытым. Онтон 160 төбө — ыанар ынах.
— Ыһылла сыыспыт хаһаайыстыбаны атаҕар бигэтик турар кэпирэтиипкэ тиэрдии, биллэн турар, үгүс сыраттан таҕыстаҕа дии.
— Үлэбин дьон үлэлиир усулуобуйатын тупсарыыттан саҕалаабытым. Хамнас да үрдээбитэ. Сүөһүбүт ахсаанын 416 төбөҕө тиэрдибиппит. Бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа хотоҥҥо 120 ынах сүөһүнү кыстаттыбыт. Эргэ хотоммутугар 100 төбө турар. 440 төбө сүөһүттэн ыанар ынаҕа – 220 төбө. Тыа хаһаайыстыбата – уустук үлэ. Ол да иһин дьон оҕолорун сүөһүгэ сыһыарбакка, киин сиргэ ыыта сатыыллар. Ол түмүгэр эн билигин хайдахтаах да үчүгэй усулуобуйаны тэрий, ыччат хара үлэҕэ чугаһаабат кэмэ кэллэ. Онон бары өттүнэн үлэһит киһини туругурдар үлэни ыытыахха наада. Сэбиэскэй кэмҥэ үлэһит киһи чиэскэ-бочуокка сылдьара. Ыанньыксыт, сылгыһыт, булчут Москванан, соҕуруу киин куораттарынан сылдьара, чиэстэнэрэ, араас санаторийдарга тиийэн, доруобуйатын бөҕөргөтөн, сынньанан кэлэрэ. Кинилэр, урукку үлэһит дьон, биһиэхэ хаалларбыт үгэстэрин салҕаан, билигин сүөһүттэн кэлэр амтаннаах аспытыттан тэйэ иликпит. Мин санаабар, өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлээх, 15-20 сыл ынах сүөһүнү, сылгыны, табаны иитиигэ үлэлээбит дьон биэнсийэҕэ бастакынан тахсыахтаахтар. Онон Үлэ сылынан бу этиибин тустаах салатата үөрэтэн көрөрө буоллар диэн баҕалаахпын.
Ханнык баҕарар салайааччы үлэтин дьон-сэргэ кырдьыктаахтык сыаналыыр. Елена Петровнаны төһө да бэйэтин кытта сирэй көрсүбэтэрбин, кини туһунан биир дойдулаахтара кэпсээн, салайааччы тахсыылаах үлэтин түмүгэ бу курдук тахсан кэлбитэ.
2015 сыллаахха “Иччилээх” диэн учаастакка гараастаах, баанньыктаах сылгыһыттар олорор дьиэлэрэ, эмиэ бу сыл сүөһү үлэһиттэригэр анаан сынньанар, эбиэттиир толору хааччыллыылаах дьиэ тутуллубут.
Үс сыл устатыгар “Чачаҥда” сайылыкка 12 ыанньыксыкка анаан олорор дьиэни тутан, бэртээхэй үлэлиир усулуобуйаны тэрийэн, үлэһиттэрин үөрдүбүттэр.
Аны “Баҕадьа” диэн учаастакка хаһаайыстыба салалтата 20 га бааһына сирин оҥотторбут уонна күрүө туттарбыт. Сири оҥорор ФРН-2К тэрил, СКП-2 сеялка атыыласпыт. 2017 сыллаахха 100 төбө сүөһү турар толору мэхэньисээсийэлээх сүөһү турар комплекса тутуллубут. 2019 сыллаахха алта тиэхиньикэ турар үс боксалаах гарааһы тутан үлэҕэ киллэрбиттэр. 2020 сыллаахха “Чачаҥда” сайылыгар “Сайылыктааһын” бырагыраамаҕа киирсэн, Елена Тутукарова 200 төбө ынах сүөһү турар уоттаах-күөстээх сайылыгын туттарбыт.
Эмиэ бу сыл үүт астыыр уонна үүт ас бородууксуйатын оҥорон таһаарар дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбит. 2022 сыллаахха хаһаайыстыбаннай ньыманан 100 эдэр сүөһү турар хотоно тутуллубут. Икки МТЗ-82 саҥа тыраахтар уонна тыа хаһаайыстыбатын тэриллэрэ атыылаһыллыбыттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 100 төбө ынах сүөһү турар хотонун иккис уочаратын тутуу бырайыактыыр-сметалыыр докумуона оҥоһулла турар.
Бу маны барытын этэн кэбистэххэ судургу курдугун иһин, төһөлөөх үгүс кэпсэтии, тэрээһин үлэтин нөҥүө ааспытын, Елена Петровна тус бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ. Кыахтаах хаһаайыстыбаны атаҕар туруоран, улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ аатырар хаһаайыстыбаҕа тиэрдии – салайааччыга олус улахан эппиэтинэс уонна сатабыл.
Елена Тутукарова салайар хаһаайыстыбатын үлэтин салгыы хаартыскаларынан кэпсиибит.
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…