Өлөрүөм диэн куттаабыт…

Өлөрүөм диэн куттаабыт…

23.09.2024, 11:39
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ эмиэ  биир хобдох иирсээн тахсыбыт. Ол курдук итирик туруктаах эр киһи  быһаҕы  хаба тардан ылан,  дьахтар хабарҕатыгар тирээбит уонна өлөрүөм диэн куттаабыт. Хата, дьахтар эр киһиттэн быһаҕы былдьаан ылбыт, ол эрээри бэйэтин  илиитин эчэппит. Бу быһылаан кэнниттэн дьахтар балыыһаҕа көрдөрбүт. Бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.

Арассыыйа Федерациятын Холуобунай кодексын 119 ыст. 1 ч. “Өлөрүүнэн куттааһын эбэтэр киһи доруобуйатыгар ыар хоромньуну таһаарыы” холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу ыстатыйанан 2 сылга диэри буруйдаах киһи көҥүлэ быһыллыан сөп.

Полиция сотрудниктара ханнык даҕаны өйдөспөт буолууну эйэлээхтик, күүһүнэн өттөйүүтэ суох быһаарсарга сүбэлииллэр. Өскөтүн эһиги буруйу оҥоруутан эчэйбит эбэтэр итинник быһыы тахсыбытын көрбүт буоллаххытына, тута чугастааҕы полиция отделыгар биллэрэргитигэр көрдөһөбүт диэн ИДьМ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр пресс-сулууспата этэр.

+1
5
+1
2
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: