«Эльгауголь» быйыл 23 мөл. туонна таас чоҕу хостоото
30.11.2023, 18:07
Хаартыска Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба саайтыттан
Бөлөххө киир:
Чоҕу хостуур “Эльга” хампаанньа Саха сиригэр бэйэтин инвестициялыыр бырагырааматын биэс төгүл кэриэтэ үрдэттэ, ол үрдээһин 100 млрд. солк. тэҥнэстэ.
Хампаанньа тэриллиэҕиттэн 10 тыһ. үлэ миэстэтинэн хааччыйбыт, бу дьон уопсай үлэлэрэ 2023 сылга барыта 23 мөл. туонна таас чох тэҥнэһэр. ««Эльгауголь» эрэгийиэҥҥэ таас чоҕу хостооһуҥҥа саамай таһаарыылаахтык үлэлиир тэрилтэнэн буолар. Саха сиригэр хостонор 39 мөл. туонна чохтон 20 мөл. туоннатын “Эльгауголь” хостообут”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев дойду Бэрэсидьиэнин Владимир Путины кытта ыам ыйынааҕы көрсүһүүтүгэр дакылааттаабыта.
2025 сылга хампаанньа үлэһитин ахсаана 25 тыһ. диэри улаатара былааннанар. Сиһилии бу хампаанньа үлэтин туһунан манна ааҕыҥ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: