Хаартыска: Т.Горохова-Кобельянова тиксэриитэ
Учуутал, кыраайы үɵрэтээччи, Үлэ Дьоруойа Петр Староватов аатынан Элгээйи оскуолата быйыл 150 сыла.
Бэлиэ сылга оскуола аттыгар «Учууталлар тулаһалара» оҥоһуллан силигин ситиэҕэ. Бу күннэргэ манна Петр Староватов, Дмитрий Сивцев бүүстэрин аҕаллылар.
Оскуоланы быйыл 23 оҕо бүтэрэр, онтон 12 оҕото педагогическай бɵлɵххɵ үɵрэнэр. Былырыын саҥа арыллыбыт кылаас оҕолору сайыннарыыга элбэх үлэни ыытар, идэ арааһын билиһиннэрэр. Технология уруогар оҕолор саҥа технологияны баһылаан лазерынан харысхаллары, үбүлүɵйгэ бэлэмнэнэн ɵйдɵбүнньүктэри оҥороллор. Соторутааҕыта байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга анаан харысхаллары оҥорон ыыппыттара.
Оҕолор үлэ уруогар элбэххэ үөрэнэллэр. Иистэнэллэр, уруһуйдууллар, ураннык оҥоро үөрэнэллэр. Онно «Точка роста» хос сүрүн күүс буолар. Билигин оҕолор 3D уруучуканан «Элгээйи 150 сыла» диэн хаартыскалаах араама оҥоро сылдьаллар. 200 үɵрэнээччилээх, 62 үлэһиттээх оскуола үйэтитиигэ эмиэ улахан болҕомто ууруоҕа. Ол курдук, Татьяна Григорьева уонна Альбина Иванова кинигэҕэ үлэлэһэллэр. Бу күннэргэ оскуолаҕа Үөрэх министиэристибэтэ кɵлɵ бэлэхтээтэ. ϴрɵгɵй бэлиэ сылга оскуоланы бүтэрбиттэр, үлэлээбиттэр, учууталлар, үɵрэнээччилэр түмсэннэр араас таһымнаах үлэни кыайа тутуохтара.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА,
Сунтаар, Элгээйи.
Хаартыскалар: Т.Горохова-Кобельянова тиксэриилэрэ
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…
Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ үгүс дьокутааты…
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…
“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…
Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…