Өрөспүүбүлүкэҕэ 2016 сылтан ыытыллар Сылгыһыт күнүн чэрчитинэн, кулун тутар 11 күнүгэр Элгээйи нэһилиэгэр Сунтаар улууһун уонна Элгээйи нэһилиэгин дьаһалталарын көҕүлээһининэн, Ленин орденнаах «Элгээйи» совхоз биир киэн туттар Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта Александр Афанасьевич Александров төрөөбүтэ 95 сылыгар уонна Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта Александров Парфений Ивановичка аналлаах улуустааҕы Сылгыһыт күрэһэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Сарсыарда 10 чааска «Оһуор» Култуура киинигэр күрэскэ кытта кэлбит ыалдьыттары нэһилиэк баһылыга Павел Анатольевич Григорьев, улуус баһылыгын солбуйааччы Борис Серафимович Васильев, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигын солбуйааччы Готовцев Григорий Семёнович, Александров А.А. төрөппүт кыыһа Альбина Александровна Романова, Александров П.И. төрөппүт кыыһа Ангелина Парфеньевна Попова эҕэрдэлээтилэр. Ону тэҥэ күрэскэ кэлбит хамаандалары билиһиннэрии, бастыҥ сылгыһыттарга наҕараадалары туттарыы үөрүүлээх чааһа буолла.
Салгыы нэһилиэк урукку аэропордун территориятыгар күрэс сүрүн чааһа буолла. Ол курдук, түөрт түһүмэхтэн турар хамаанданан күрэххэ Бордоҥ, Маар Күөл, Күндэйэ, Күүкэй, Элгээйи нэһилиэктэрэ кыттыылаах 5 хамаанда күөн көрүстүлэр. Хас биирдии хамаанда састаабыгар түөртүү эр бэрдэ киирэр. Сүрүн күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэтээҕи балаһыанньанан ыытылынна. Ол курдук хамаандалар ат сүүрдүүтүгэр, сыал ытыытыгар күрэхтэстилэр. Күрэс түмүгүнэн 8 мүн.04 сөк.бастыҥ көрдөрүүлээх Бордоҥ нэһилиэгин хамаандата 1 миэстэни ылан, күрэс сүрүн спонсордара Александров Александр Афанасьевич оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 60 000 суумалаах сүрүн бирииһи тутан үөрүү өрөгөйүн биллилэр.
2 бочуоттаах миэстэҕэ 8 мүн.41 сөк.бириэмэни көрдөрөн Күүкэй нэһилиэгин хамаандата тигистэ уонна Сунтаар улууһун УСХ туруорбут 30 000 солк. бирииһин хаһаайынынан буоллулар.
3 миэстэҕэ 8 мүн.51 сөк.кэлбит Маар Күөл сылгыһыттарын хамаандата таҕыста уонна Сунтаар нэһилиэгин «Булчут» маҕаһыын (Попов С.В.) туруорбут 20000 суумалаах сертификатын тутан үөрдүлэр.
Салгыы биирдиилээн кыттааһыннаах күрэскэ, 1200 миэтэрэҕэ ат сүүрдүүтүгэр 10 кыттааччыттан Маар Күөл ат сүүрдээччитэ Иванов Руслан Анатольевич биэтэккэ бастакынан кэлэн бочуоттаах 1 миэстэни ылан, Александров Парфений Иванович оҕолоро, сиэннэрэ туруорбут 30 000 суумалаах МР-155 саа ыларга сертификатынан наҕараадаланна. Бу күрэскэ 2 миэстэни Хоро сылгыһыта Игнатьев Михаил Семенович ылан, Сунтаар нэһилиэгин «Булчут» маҕаһыыныттан ыларга Ананьев Николай Константинович аймахтара туруорбут 12 калибрдаах 250 ботуруон сертификатын тутта.
3 миэстэҕэ Элгээйиттэн Петров Демьян Никифорович тигистэ уонна «Булчут»маҕаһыын 5 тыһ.уонна Ананьев Н.К.аймахтара туруорбут 3 тыһ.суумалаах сертификаттарын тутта.
Бэргэн ытааччы күрэһигэр 12 киһи кыттыбытыттан, Бордоҥтон сылдьар Павлов Иван Александрович бочуоттаах 1 миэстэни ылан, Игнатьев Алексей Романович ген.дир. «Кэмпэндээйитээҕи туус компанията» ХЭТ туруорбут 1 туонна тууска сертификатын уонна СИТИМ туруорбут 5 тыһ.суумалаах сертификатын тутта.
2 миэстэни Маар Күөл бэргэн ытааччыта Иванов Руслан Анатольевич ылан, эмиэ Кэмпэндээйитээҕи туус компанията туруорбут 1 туонна тууһу ылар сертификатын уонна 2 тыһ.ылла. 3 миэстэни Элгээйиттэн Кондратьев Андрей Арианович ылан, Элгээйи нэһилиэгин Иванова Д.Е., Иванова Г.Е, Петров Д.Н. КФХ туруорбут 10 000 солк. уу харчытынан наҕараадаланна. Тоҥ хаарынан ат сүүрдүүтүгэр муҥутуур кыайыылааҕынан Маар Күөл бастыҥ сылгыһыта Иванов Руслан Анатольевич буолан, Иванов Николай Алемфьевич туруорбут 5 куул эбиэһинэн наҕараадаланна.
Күрэс тэрээһинигэр улахан көмөнү оҥорбут тэрилтэлэргэ: «Айан-Суол» ХЭТ (сал. Крыжановскай В.В. ат сүүрэр былаһааккатын бэлэмнээбитигэр), КФХ Львов В.М, Попов С.В. олохтоох бородууксуйанан кыттааччылары күндүлээбиттэринэн махталбытын тириэрдэбит.
Ити курдук, Элгээйи нэһилиэгин дьаһалтата быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Үлэ сылынан, үлэһит дьону чиэстиир, тыа сирин тутаах үлэһиттэрин-сылгыһыттары, кинилэр сыралаах, эппиэттээх үлэлэрин көрдөрөр, билиһиннэрэр, бу салааҕа ыччат дьону тардар сыаллаах бу улахан тэрээһини үрдүк таһымҥа ыытта.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…