Элгэтээҕи чох хостуур сиргэ саҥа уопсайдар тутуллуохтара

Share

Бу сылга «УК «ЭЛСИ» Элгэтээҕи  чох хостуур сиргэ оробуочайдарга анаан сэттэ уопсай дьиэни тутуохтара. Мантан үс уопсай дьиэинженернэй-тиэхиньиичэскэй үлэһиттэргэ уонна икки остолобуой.

Олунньу 11 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев тэрилтэ олоҕун-дьаһаҕын, үлэһиттэр олорор, үлэлиир усулуобуйаларын көрдө.

Элгэтээҕи «УК «ЭЛСИ» хампаанньаҕа  2027 сылга диэри үлэһиттэр ахсааннарын элбэтэр сорук турар. Былырыын Элгэтээҕи чох хостуур хампаанньаҕа оробуочайдарга анаан 18 уопсай дьиэ тутуллубут. Онтон түөрдэ  инженернэй-тиэхиньиичэскэй үлэһиттэргэ аналлаах.  Ону сэргэ остолобуой, таҥас сууйар, аныгылыы тэриллээх мэдиссиинэ пууна тутуллубут.

Хампаанньа үлэһиттэргэ араас чэпчэтиилэри оҥорор. Санаторийга эмтэнэ, сынньана барар айаннарын төлөбүрүн хааччыйар. Дьиэ кэргэннэригэр оҕо төрөөтөҕүнэ эбии төлөбүр уонна уһуйааҥҥа сылдьыы төлөбүрэ толуйуллар.

2021  сыл  күһүнүгэр «Эльгауголь» хампаанньа саҥа исписэлиистэри ылар туһунан биллэрии таһаарбыт. Бу бырайыакка геологтары, маркшейдердары, хайа маастардарын, геодезистары, суоппардары, анал тиэхиньикэ исписэлиистэрин, маастары ыҥырбыттара.

Андрей СОРОКИН (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйылгы страховой биэнсийэ орто кээмэйэ билиннэ

Дойду үрдүнэн 2026 сылга сааһынан ананар страховой биэнсийэ орто кээмэйэ ыйга 27 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ.…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Борокуратуура тулаайах оҕолор бырааптарын көмүскээтэ

СӨ Борокуратуурата дьиэ-уот быраабын көмүскээһин туһунан тулаайах кыыс сайабылыанньатынан бэрэбиэркэни ыытта. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата…

43 минуты ago
  • Бырабыыталыстыба отчуота
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр инфраструктураны сайыннарыыга 207 мөл. солк. көрүлүннэ

Дойду бырабыыталыстыбата Уһук Илин сүрүн эрэгийиэннэрин эбии үбүлээһининэн өйүөҕэ. РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин тустаах…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Полицейскайдар оҕолорго Саҥа дьыллааҕы ураты бырааһынньыгы бэлэхтээтилэр

Амма улууһун ИДьМ отделениетын үлэһиттэрэ үгэс быһыытынан «Полицейский Дед Мороз» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыстылар.…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөһээ бүлүүлэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар 22 мөл. солк. хомуйбуттар

Үөһээ Бүлүү улууһугар 2025 сылга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоруу бүттүүн…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ньурбаҕа сүппүт дьахтары көрдөөһүн салҕанар

Ньурба улууһун Чуукаар сэлиэнньэтигэр сүппүт 1955 с.т. дьахтары быыһааччылар уонна олохтоохтор көрдүүллэр, диэн Саха сиринээҕи…

3 часа ago