Елизавета Потапова быйыл сайын Дьааҥытын дорҕоонноохтук ааттатта
Дьааҥы Табалааҕыттан төрүттээх Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтар түмсүүлэрин көхтөөх актыбыыһынан биллэр Елизавета Потапова быйыл «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэрин киэргэттэ.
Норуот уус уран оҥоһугун маастара Елизавета Потапова бу суолталаах тэрээһиннэргэ кыттыытын туһунан санаатын үллэһиннэ:
— «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар аһыллыыларыгар бэлэмнэнэ сырыттахпытына, араас омук дьоно кэлэн, биһиги таҥаспытын тутан-хабан көрө-көрө, хаартыска түс да түс буолбуттара.
Оонньуулары аһыы кэнниттэн сээдьэлээн, оһуохайдаан, кыттааччылар олус үөрэн-көтөн тарҕаспыппыт.
Оттон Туймаада ыһыаҕар таҥас икки куонкуруһугар кытынным. Дьэ, улуу иистэҥньэҥнэр күөн көрсүһүүлэрэ диэн манна баар эбит! Таһыма үрдүгүн сөхтүм. Туймаада ыһыаҕар урут наар быыстапканан эрэ кыттар этим. «Дефиле» диэнинэн ыһыахха хаама иликпин. Сайаапка киллэрэн кыттан, аны финалга хабылынным. «Туймаада ыһыаҕын мааны таҥаһа- 2024″ диэн Дьокуускай куорат дьаһалтата тэрийбит » куонкуруһугар «Төлкөлөөх иистэнньэҥ» диэн номинацияҕа тиксэн үөрүү бөҕөбүн.
Ол кэнниттэн аны иккис куонкуруска кытынным. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар «Өбүгэ үгэһин харыстааччылар» диэн куонкуруска «Полярный стиль» номинацияҕа » олох да күннээтим — 1-кы миэстэҕэ тигистим! Бу конкурустарга кыттарбар өрүү көмө буолар, өйүүр дьүөгэбин Валентина Шестакованы ханна да кытыннарбын, «уһун кутурукпар сөрөөн» аттыбар илдьэ сырыттым. Киһим илии-атах буолан көмөтө баһаам — малым өрүү элбэх буолар: тирии таҥас буолан, ону соҕотоҕун хайдах да кыайан таспаппын. Онон дьүөгэбэр махталым муҥура суох…
… Ити курдук, барытыгар көхтөөх Елизавета Потапова үлэтин түмүгүн быйылгы суолталаах тэрээһиҥҥэ көрдөрөн, бириис бастыҥынан бэлиэтэннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: