Хаартыска: Елена Потоцкая.
Саха сиригэр ыытыллар XXV үбүлүөйдээх Сабантуйга Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтиттэн бэрт элбэх норуот үтүө үгэһин үйэтитэр дьон, норуот маастардара, артыыстар, спортсменнар кэлбиттэр.
Кинилэр ортолоругар татаар омугун фольклоругар идэтийбит исписэлиис Эльмира Ханиева баар. Кини Саха сиригэр аан бастаан кэлбитин, дьонун-сэргэтин, дьикти ураты бэлиэ сирдэригэр сылдьыбытын кэпсээтэ. Фольклорист быһыытынан Эльмира Ханиева саха норуотун маастара, духуобунас академига Борис Неустроев-Мандар Уус дириҥ ис хоһоонноох кинигэтин атыылаһан, бэйэтин бибилэтиэкэтин хаҥаппытын үөрэн туран кэпсээтэ.
Кини ыаллыы олорор Марий Эл, Удмуртия өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоохторун ойууларын-бичиктэрин үөрэтэр эбит. «Аны Саха сирин орнаменнарын кытта билсэр дьоллоннум. Биир түүр омук буоллахпыт, айылҕа уруһуйа сахалар орнаменнарыгар эмиэ үгүс эбит.
Мин кэлиҥҥи сылларга бэйэм быысапкалыыр уонна иистэнэр буоллум. Онон дьиэбэр тиийэн, саха орнаменнарын быысапкалаан көрүөм», — диэн санаатын үллэһиннэ Эльмира Ханиева.
Лада дьиэтигэр киэһэ 9 чаас саҕана түгэх хоһугар көмпүүтэргэ үлэлии олорон, эмискэ ойон туран түннүк…
Уһун өттүктээх, халыҥ бууттаах, кылгас бэрбээкэйдээх, модьу-таҕа атахтаах, убаҕас сиэллээх, хомпоҕор кэҥэриилээх, киэҥ таныылаах, уһун…
Сэтинньи 2 күнүгэр СӨ Оһуокай түмсүүтүн ыҥырыытынан ытык дьоммут, Арассыыйаҕа туризмы тэрийиигэ хонноохтоохтук ылсан үлэлии…
Таатта улууһун Харбалаах сэлиэнньэтин олохтоох бибилэтиэкэтин дьиэтигэр аҕам саастаах дьон - урукку хомсомуоллар Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин…
Сунтаар улууһун дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатын, үөрэҕирии, култуура о.д.а. управлениелар үлэһиттэрэ салайааччы Анатолий Григорьев тула түмсэн,…
Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй саха сайдыытын түстээбит “Саха интеллигенциятыгар суруга” бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ким өҥөтүнэн тиийэн…