Өлүөхүмэ бэйиэтин хоһоонунан саҥа килиип уһулунна (видео)
Өлүөхүмэ улууһугар олорор бэйиэт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Эдуард Корнилов хоһоонугар суруллубут “Ямщицкая душа” ырыаҕа саҥа килиип уһулунна. Килиип ырыатын муусукатын Иван Сафонов суруйан бэйэтэ толорор, аранжировката — Юрий Корсун, видеомонтаһа — Марина Соколова.
Саха сирин Табаҕа сэлиэнньэтиттэн төрүттээх Марина Соколова кэргэнэ Иван Сафоновтыын Питергэ олороллор.
Килииби Эдуард Корнилов доҕотторо — “Невский бриз” айар холбоһук устубут.
Бэйиэт Эдуард Корнилов иһитиннэрбитинэн, “Ямщицкая душа” хоһоонун өссө 2000 сыл саҥатыгар суруйбут. Өлүөхүмэ улууһун олохтоох мелодиһа, элбэх хоһоон уонна ырыа ааптара Владимир Мясников кэргэнинээн бу хоһоонугар ырыаны Үөдэйгэ дьаамсыктар ырыаларын бэстибээлигэр толорбуттар.
Кэлин Эдуард Корнилов Марина Соколованы кытары билсэн, хоһооннорун хомуурунньугун ыыппыт. Марина Соколова кини хоһооннорун сөбүлээн, “Үрүҥ хаар” диэн бастакы килиибин оҥорон ыытан соһуппут. Ол кэнниттэн “Сыл кэмнэрэ”, “Саха сирин күһүнэ”, “Олоҥхо сиригэр ыам ыйа” диэн килииптэри Марина кэргэнинээн көҕүлээн устубуттар.
Ити курдук, Өлүөхүмэ талааннаах бэйиэтин хоһооннорунан, ырыаларынан уһуллубут килииптэр өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр олорор дьоҥҥо Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын, хатыламмат кэрэлээх айылҕатын, ураты талааннаах дьонун, төрүт үгэстэрин көрдөрөллөр.
Манна даҕатан эттэххэ, Марина уонна Иван билэр бэйиэттэрин хоһоонноругар килиип сюжеттарын толкуйдууллар, онуоха сорох ырыаларын Иван Сафонов бэйэтэ толорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: