Салгыы
Өлүөхүмэ Даппарайыгар “ОДьКХ” ГУТ  бэйэтин ситимигэр саҥа дьиэлэри холбоото

Өлүөхүмэ Даппарайыгар “ОДьКХ” ГУТ  бэйэтин ситимигэр саҥа дьиэлэри холбоото

04.10.2024, 16:45
Хаартыска: "ОДьКХ" ГУТ пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһун Даппарай сэлиэнньэтин Дэбдиэй түөлбэтин олохтоохторугар кыстык буолуон аҕай иннинэ үөрүүлээх түгэн тосхойдо  – кинилэр дьиэлэрэ “СӨ ОДьКХ” ГУТ саҥа инженернэй ситимигэр холбоннулар.

Хаартыска: "ОДьКХ" ГУТ пресс-сулууспата.

“СӨ ОДьКХ” ГУТ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бырайыак технологическай холбооһун былаанынан итиэннэ Кыыллаах нэһилиэгин дьаһалтатын көмөтүнэн олоххо киирбит.

Хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ хочуолунайтан кэлэр 996 погоннай миэтирэлээх ититэр ситими уурдулар, 33 олорор дьиэҕэ холбуурдуу бэлэмнээтилэр.

“Нэһилиэк дьаһалтата производственнай-тиэхиньиичэскэй матырыйаалы аҕалан биэрбитэ, оттон тутар-таҥар үлэтин биһиги бэйэбит үлэһиттэрбит оҥордулар. Ситинник 33 дьиэни ититэр ситимҥэ  холбуурга усулуобуйа оҥоһулунна, мантан 11 дьиэ итиинэн хайыы үйэ хааччылынна.  Итиини киллэриигэ бэлэм буолан истэхтэрин аайы хаалбыт дьиэлэри холбоон иһиэхпит”, — диэн кэпсээтэ филиал дириэктэрэ Сергей Солдатов.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 октября
  • 1°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: