Салгыы
Өлүөхүмэ олохтооҕо 100 сааһын туолла

Өлүөхүмэ олохтооҕо 100 сааһын туолла

25.01.2023, 13:28
Бөлөххө киир:

Тохсунньу 21 күнүгэр Өлүөхүмэ олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Анна Федоровна Дресвянникова 100 сааһын туолла. Киниэхэ «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэни туттардылар. Үйэлээх үбүлүөйүнэн үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова эҕэрдэлээтэ.

Анна Федоровна үйэтин-сааһын тухары Өлүөхүмэ аэропордугар үлэлээбитэ. 1941 сыллаахха 18 саастаах кыыс телефонисткаттан саҕалаан, биэнсийэҕэ тахсыар диэри аэропорка араас дуоһунастарга үлэлээбитэ. Уопсастыбаннай үлэҕэ эмиэ көхтөөхтүк кыттар этэ. 75 сааһыгар диэри “Красная гвоздика” ансаамбылга дьарыктаммыта.

Анна Федоровна 8 сиэннээх, 8 хос сиэннээх уонна 1 хос-хос сиэннээх. Оҕолоро, сиэннэрэ ийэлэринэн, эбэлэринэн киэн тутталлар.

Үлэ сылыгар олоҕун үлэҕэ анаабыт, төрөөбүт куората, оройуона сайдарыгар үгүс сыратын биэрбит бэтэрээн 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиирэ икки бүк үөрүүлээх. Анна Федоровна курдук үлэһит дьон баар буолан, өрөспүүбүлүкэбит үлэһит династияларынан, үрдүк көрдөрүүлэринэн аатырар, — диэн Елена Волкова бэлиэтээтэ, бэтэрээҥҥэ чэгиэн доруобуйаны, үчүгэй настарыанньаны уонна дьиэ кэргэнигэр этэҥҥэ буолууну баҕарда.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 апреля
  • 1°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 64% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: