Өлүөхүмэ оройуонун байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар саллааттарын ийэлэрин, чугас дьоннорун улуустааҕы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Константин Анисимов бу кэмнэргэ Хабаровскай кыраайга кэмитиэт ыытар үлэтинэн тиийэ сылдьар.
Константин Филиппович Хабаровскайга байыаннай десантнай штурмовой полк 14 биригээдэтин устуруойун иннигэр Корнилов Дмитрий Павловичка байыаннай эпэрээссийэҕэ хорсун быһыытын иһин «Мужество» уордьан туттарылынна диэн үөрүүлээх сонунун өрөспүүбүлүкэ «Саха сирэ» хаһыатын саайтыгар үллэһиннэ.
Дмитрий Корнилов Кыыллаах төрүт олохтооҕо, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Кыыллаах орто оскуолатын бүтэрэн баран, аармыйаҕа сулууспалаабыт. Сулууспаттан кэлэн баран үлэлии сылдьан, хантараагынан Чечняҕа бэрээдэк олохтооһуҥҥа хорсуннук кыттыбыта. Онтон эргиллэн кэлэн кэргэннэнэн, үс оҕоломмута.
Балаҕан ыйыгар маҥнайгы хомуурга ыҥырыллан, Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэҕэ штурмовой этэрээккэ сылдьыбыта. Сэтинньи ыйга ыарахан бааһырыы ылан, билигин доруобуйатын туругун тупсара, эмтэнэ сылдьар.
Манна даҕатан бэлиэтээн эттэххэ, кини эһэтэ Корнилов Егор Павлович Квантунскай кыргыһыы кыттыылааҕа, танкист этэ.
Таатта улууһун киинигэр Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө "Кыайыы көтөллөөх буойун учууталлар көмүс уруоктара"…
edersaas.ru саайт 2020 сыллаах архыыбыттан. Кыайыы 75 сылынан эһээм кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суруйарга быһаарынным.…
Амма улууһугар Аҕа дойду Улуу сэриитин уотун ортотунан ааспыт көлүөнэ дьон Сулуһа суох Дьоруойунан билинэр,…
Бэҕэһээ, ыам ыйын 8 күнүгэр, Дьокуускай куоракка аан бастыкытын ыытыллыбыт "Кыайыы вальсыгар" үгүс киһи үөрэ-көтө…
Дьокуускайга "Өлбөт үйэлээх полк" Бүтүн Арассыыйатааҕы үгэскэ кубулуйбут аахсыйа буолан ааста. Быйыл манна 50 тыһыынчаттан…
Ленскэй оройуонугар муус көхтөөхтүк устарын бэлиэтииллэр. Муус хамсааһынын орто диэн сыаналаатылар, уу таһыма рейкэ кээмэйигэр…