Өлүөхүмэ улууһугар чөмпүйүөннэри, призердары чиэстээтилэр
Өлүөхүмэ улууһугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааһан эрэр 2024 сыл успуорка түмүгүн таһаарар дьоро күн буолла. Бастыҥ спортсменнарга Евгений Поповка 1 мөл. солк. суумалаах, Анастасия Пресняковаҕа 400 тыһ. солк. суумалаах сэртипиикээттэри туттардылар.
Бэлиэ тэрээһиҥҥэ 2024 сыл үрдүк көрдөрүүлээх чөмпүйүөннэрин, призердарын чиэстээтилэр. Бу туһунан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Оксана Саввинова:
— Сыл түмүгүнэн улууска ситиһиилээх дьоммутун чиэстиир үтүө үгэстээхпит. Быйыл Бишкек куоракка буолан ааспыт мас тардыһыытыгар норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээккэ биир дойдулаахпыт, Өлүөхүмэ улууһун Солянкатыттан төрүттээх Евгений Попов аан дойду чөмпүйүөнэ үрдүк ааты, Өлүөхүмэ куорат олохтооҕо, Анастасия Преснякова мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйэнээтигэр боруонса мэтээли ылары ситистилэр. Быйыл спортсменнарбыт итинтэн да атын үрдүк көрдөрүүлээхтэр, сүүмэрдэммит хамаандаҕа бастакы, иккис нүөмэринэн сылдьаллар.
Бу күннэргэ Евгений Михайлович Өлүөхүмэҕэ кэлэ сылдьар. Сарсын номнуо Дьокуускайдыыр. Киниэхэ улуус аатыттан 1 мөл. солк. суумалаах сэртипикээти туттардыбыт.
Анастасия кыайан кэлбэтэҕэ. 400 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти Анастасия ийэтигэр Марина Анатольевна Пресняковаҕа биэрдибит.
Спортсменнарбытыгар кытаанах доруобуйаны баҕарабыт, туруоруммут соруктарын ситистиннэр, кинилэри кытта өрүү табыллыы, кыайыы аргыстастын! – диэн кылгастык санаатын үллэһиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: