Өлүөхүмэ улууһугар чөмпүйүөннэри, призердары чиэстээтилэр

Share

Өлүөхүмэ улууһугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааһан эрэр 2024 сыл успуорка түмүгүн таһаарар дьоро күн буолла. Бастыҥ спортсменнарга Евгений Поповка 1 мөл. солк. суумалаах, Анастасия Пресняковаҕа 400 тыһ. солк. суумалаах сэртипиикээттэри туттардылар.

Бэлиэ тэрээһиҥҥэ 2024 сыл үрдүк көрдөрүүлээх чөмпүйүөннэрин, призердарын чиэстээтилэр. Бу туһунан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Оксана Саввинова:

— Сыл түмүгүнэн улууска ситиһиилээх дьоммутун чиэстиир үтүө үгэстээхпит. Быйыл Бишкек куоракка буолан ааспыт мас тардыһыытыгар норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээккэ биир дойдулаахпыт, Өлүөхүмэ улууһун Солянкатыттан төрүттээх Евгений Попов аан дойду чөмпүйүөнэ үрдүк ааты, Өлүөхүмэ куорат олохтооҕо, Анастасия Преснякова мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйэнээтигэр боруонса мэтээли ылары ситистилэр. Быйыл спортсменнарбыт итинтэн да атын үрдүк көрдөрүүлээхтэр,  сүүмэрдэммит хамаандаҕа бастакы, иккис нүөмэринэн сылдьаллар.

Бу күннэргэ Евгений Михайлович Өлүөхүмэҕэ кэлэ сылдьар. Сарсын номнуо Дьокуускайдыыр. Киниэхэ улуус аатыттан 1 мөл. солк. суумалаах сэртипикээти туттардыбыт.

Анастасия кыайан кэлбэтэҕэ. 400 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти Анастасия ийэтигэр Марина Анатольевна Пресняковаҕа биэрдибит.

Спортсменнарбытыгар кытаанах доруобуйаны баҕарабыт, туруоруммут соруктарын ситистиннэр, кинилэри кытта өрүү табыллыы, кыайыы аргыстастын! – диэн кылгастык санаатын үллэһиннэ.

Хаартыска: Н.Н.Харбин Телеграмыттан.

What’s your Reaction?
+1
12
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ийэ хапытаалын 22 сэртипикээтинэн түөкүннээн туһаммыт дьон сууттаныахтара

ИДьМ управлениетын силиэстийэлиир чааһын силиэдэбэтэлэ, ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын үбүн харчыга көһөрүүгэ (обналичивание средств) кэккэ…

10 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Аллараа Халыма улууһун оскуолата уонна административнай дьиэтэ ирдэбилгэ сөп түбэспэт туругунан борокуратуура миэрэ ылла

Өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын сорудаҕынан Аллараа Халыма борокуратураата үөрэх эйгэтигэр бэрэбиэркэ оҥордо. Черскэйдээҕи 7-с көрүҥнээх анал (коррекционнай)…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

ВИДЕО: Барыласка түөрт бөрөнү бултаатылар

Бу күннэргэ куйаар ситиминэн Дьааҥы улууһун Барылас нэһилиэгин табаһыта бөрөлөр элбээн, эрэй бөҕөнү көрдөрбүттэрин туһунан…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

S7 авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарда

Ахсынньы 17 күнүгэр "Аэрофлот", "Якутия" авиахампаанньалар субсидиялаах билиэттэри атыыга таһаарбыттара. S7 хампаанньа бүгүн  2025 сылга…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Афанасий Владимиров: «Бэрэсидьиэн быһа эпиирин аан дойду барыта кэтээн көрүөҕэ»

Бэрэсидьиэн Владимир Путин быһа эпиирэ уонна улахан пресс-кэмпириэнсийэтэ бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр «Владимир Путины…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Иннэни ыйыстыбыт куосканы быыһаатылар

Бүлүү улууһун бэтэринээрдэрэ Чика диэн куоска күөмэйиттэн иннэни таһаардылар. Бу туһунан Бэтэринээрийэ департамена иһитиннэрэр. Хаһаайката…

2 часа ago