Өлүөхүмэ улууһугар дохсун ардах түһэн баһаар намыраата
Өлүөхүмэ улууһа саас халаантан, оттон сайын саҕаланыаҕыттан баһаартан эмсэҕэлээтэ.
Бэҕэһээ Өлүөхүмэ улууһугар икки зондировщик сөмөлүөт үлэлээтэ. Биир сөмөлүөт Ленскэйгэ уонна Өлүөхүмэҕэ көттө, 151 пироснарядынан былыты ытан ардаҕы үөскэттэ. Иккис сөмөлүөт Алдан уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 152 пироснаряды ытта. Ол түмүгэр бу улуустарга түүнү быһа дохсун ардахтар түстүлэр диэн Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин бэйэтин телеграмм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
«Бэҕэһээ былыттаах күн буолан, ардаҕы үөскэтэргэ тоҕоостоох күн буолла. Сарсыарда биһиги баһаарынайдарбытыттан кинилэр сылдьар сирдэригэр дохсун ардах түһэн уоту намыраппытын туһунан үчүгэй сонун кэллэ. Бүгүн биһиэхэ буруобут кыччаата, онон сөмөлүөттэр көтөллөрүгэр усулуобуйа баар. Сөмөлүөттэр бүгүн көттөхтөрүнэ, көдьүүстээх буолуо дии саныыбын. Бу иннинэ буруота хойуу буолан, кэтээн көрөөччү летчиктэр кыайан көппөтөхтөрө. Бэҕэһээ биир баһаар бохсуллубута, ол гынан баран бүтүннүү умуруорулунна диэн бигэргэтии кэлэ илик. Оттон атын баһаардарбытын умуруорууга эмиэ үлэ күүскэ барар. Бүгүн салгынынан кэтээн көрүү кэнниттэн улуус сиригэр-уотугар баар баһаардар тустарынан иһитиннэрии оҥоһуллуоҕа», — диэн улуус баһылыга Николай Харбин иһитиннэрэр.
Улуус баһылыга бу балаһыанньаны уоту умуруорууга төһө кыалларынан толору туһана сатыыбыт, уоту кытары охсуһа сылдьар баһаарынайдарбыт үлэлэрин тохтоппоттор, бүгүн үтүө сонун кэлэригэр эрэнэбит диэн улуус баһылыга санаатын этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: