Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» ГТРК «Прямой разговор» биэриитигэр эттэ.
Улууска ойуур уотун умуруорууга 600-тэн тахса киһи үлэлиир.
«Бэҕэһээ, ол иһигэр зондировщик-салгын аалын көмөтүнэн, онно дохсун ардах түстэ. Оттон бүгүн эбии күүстэр балаһыанньа уустук сирдэригэр, ол иһигэр Тээнэҕэ тиэрдиллиэхтэрэ«, — диир кини.
Ил Дархан Абыйга быһыы-майгы билигин да уустугун бэлиэтээтэ. Бу күннэргэ онно баһаарынайдар уонна быыһааччылар ыытыллыбыттар. Бүгүн эбии күүстэр бараллар. Уу кутар тэриллээх бөртөлүөт эмиэ тиийиэхтээх.
«Абый улууһугар Белай Гораҕа бэҕэһээ балаһыанньа уустугурбута. Күүстээх тыалтан уонна баһаар салгыны ититиититтэн, нэһилиэнньэлээх пуунтан 26 км тэйиччи баар уот балачча чугаһыы сырытта. Ону умуруорууга эбии күүстэр тиийбиттэрэ. Бэҕэһээ СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйыы миниистирэ Дмитрий Лепчиков улахан этэрээти кытары көппүтэ. Бүгүн Зырянкаттан эбии күүстэр бөртөлүөтүнэн тиийэллэр. Маны сэргэ, Дьокуускайтан МЧС бөртөлүөтэ дьону уонна уу ыстарар тэрили илдьэ тиийиэҕэ. Баһаары тохтоторго күүстээх үлэ ыытыллар«, — диэн кини бэлиэтиир.
Быйылгы баһаар сезона кэнники уон сылга биир саамай уустук эрээри, күүстээх бэлэмнэнии баар буолан, балаһыанньа 2021 сылтан ордук.
«Биһиги 2021 сылы кытары тэҥнээтэххэ ордук күүскэ бэлэмнэммиппит. Дьоммут да элбэхтэр, тиэхиньикэ да үгүс. Онон баһаары утары күүскэ охсуһан, уоту тэнитиэхпит суоҕа, нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабатын туһугар бары күүс ууруллуо«, — диир Ил Дархан.
Бүгүҥҥү күн туругунан Саха сиригэр 169 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Итинтэн 100 баһаар ыраах уонна уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ баар. Уоту умуруорууга федеральнай резервэттэн уонна дойду араас эрэгийиэннэриттэн 600 киһи үлэлиир. Ил Дархан, маны таһынан, Бүлүү бөлөх улуустар баһаары умуруорууга күүскэ туруммуттарын эттэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…